Ньурба куоратыгар аэропорт көтөр балаһатын туталлар. Күүтүүлээх балаһа былаан быһыытынан 2023 сылга үлэҕэ киириэхтээх. Бу туһунан оройуон баһылыга Алексей Иннокентьев бэйэтин инстаграм сирэйигэр суруйар.
Өрөмүөн үлэтэ олунньу 4 күнүттэн саҕаламмыт. Бэдэрээтчитинэн Белгород уобалаһыттан ООО «Подрядчик» уонна кинини кытары Ньурбаттан ООО «Нюрбаавтодор», Иркутскайтан ООО «Байкал» үлэлии сылдьаллар.
«Билигин барыта 35 самосвал, 2 грейдер, 2 бульдозер, 2 каток, 3 погрузчик уонна 2 экскаватор сменанан үлэлииллэр. Биһиги эрдэттэн дуогабар быһыытынан «Аэропорты Севера», «Үлэлээх буолуу киинин» кытары үлэлэһэн, Ньурба олохтоохторун наймылаһалларыгар кэпсэппиппит. Биһиги дьоммут улахан тутууларга үлэлиир уопуттаахтар, суол оҥоруутугар, тутууга даҕаны бэйэлэрин үчүгэйдик көрдөрбүттэрэ. Билигин даҕаны бэккэ табыллан үлэлии сылдьаллар”, — диир баһылык.
Билигин сири дэхсилээн, пеноплэкс тэлгээһин үлэтэ барар. Ити кэннэ ПГС кутан, үрдунэн бетоннуохтара. Балаһа үрдугэ 2м кэриҥэ буолуохтаах. Аэропорт сиригэр эбии баһаарынай депо тутуллуохтаах.
Сөмөлүөттэр расписание быһыытынан харгыһа суох көтө тураллар, онно анаан туспа балаһа үлэлиир.
“Үлэһиттэр харахтара уоттаах, матырыйааллар барыта кэмигэр кэлэ тураллар дииллэр, олорор усулуобуйаларын сөбүлүүллэр. Сотору кэминэн өссө 100-чэ үлэһит Иркутскайтан кэлиэхтээх. Манна туох-баар санитарнай-эпидемиологическай миэрэлэри тутуһан, анализ түмүктээх кэлэллэрин ирдээтим», — диир Алексей Михайлович.