7 Алтынньы 07.10
  • -4°
  • $ 85,71
  • € 96,03

Сорох дьон сэтинньитээҕи биэнсийэлэрин эрдэ ылыахтара

17:06, 07 октября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Арассыыйа олохтоохторугар, уруккутунан сэтинньи 4 күнүгэр биэнсийэ кэлэр буоллаҕына, харчыны биир күн эрдэ — сэтинньи 3 күнүгэр түһэриэхтэрэ. Бу Арассыыйа норуотун сомоҕолоһуутун күнүн бырааһынньыгын кытта сибээстээҕин Госдуума дьокутаата Никита Чаплин быһаарда.

«2026 сыл сэтинньитигэр сорохтор биэнсийэлэрин эрдэ ылыахтара. Көһөрүү сэтинньи 4 күнүгэр харчы киирээччилэргэ дьайыаҕа, тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа норуотун сомоҕолоһуутун күнэ сэрэдэҕэ түбэһэр уонна бырааһынньык күнүнэн буолар», — диэн RT Никита Чаплин этиитин тиэрдэр.

Кини этэринэн, сэтинньи 4 күнүнээҕи баан биэнсийэни ыытыыта сэтинньи 3 күнүгэр, үлэ күнүгэр оҥоһуллуоҕа. Ылааччылар сайабылыанньа биэрэллэрэ эбэтэр Социальнай пуондаҕа кэлэллэрэ ирдэммэт — кыраапыгы бэйэлэрэ көннөрүөхтэрэ. Атын күннэргэ анаммыт биэнсийэлэр урукку эрэгийиэннээҕи кыраапыгынан киириэхтэрэ. Буостанан харчы ылар биэнсийэлээхтэргэ тиэрдии күнэ уларыйыан сөп.

«Буоста тиэрдэр болдьоҕо тэрилтэ эрэсиимиттэн тутулуктаах. Бырааһынньык күнүнээҕи төлөбүрү бырааһынньык иннинээҕи бүтэһик үлэ күнүгэр илдьэн биэрэллэр», — диэн Никита Чаплин быһаарда. Тиэрдии чопчу күнүн биэнсийэ ылааччы эрдэ буостатын салаатыттан билэригэр сүбэлээтэ.

Бырааһынньык эбэтэр өрөбүл күнү кытта күнэ сөп түбэстэҕинэ, биэнсийэни эрдэ төлүүр быраабыла дойду үрдүнэн үлэлиир: үп-харчы бүтэһик үлэ күнүгэр ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова