15 Тохсунньу 15.01
  • -41°
  • $ 103,44
  • 106,25

Сангаарга оҕо оонньуур былаһаакката тутулунна

16:08, 09 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саҥа оҕо оонньуур былаһаакката Кэбээйи улууһун Сангаарыгар сыбаайа үрдүгэр тутулунна. Ол туһунан архитектура управлениета иһитиннэрдэ.

Бу «База 14» Архитектурнай бюро бырайыагынан иккис эбийиэк буолар. Бастакы сыбаайа үрдүгэр былаһаакка Үөһээ Бүлүүгэ 2022 сыллаахха тутуллубута.

Сангаардааҕы былаһаакка «Формирование комфортной городской среды» бырагырааманан  «Жилье и городская среда» национальнай бырайыагынан тутулунна.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Саха сиригэр 2024 сылга «Формирование комфортной городской среды» бырайыагынан барыта 24 уопсастыбаннай сир тупсарыллан оҥоһулунна.

Архитектура управлениетыгар иһитиннэрбиттэринэн, 2025 сылга Саха сирин сэлиэнньэлэригэр уонна куораттарыгар 25 территорияны оҥоруохтаахтар. Ол иһигэр биэс — Уһук Илиҥҥи федеральнайдааҕы уокурук регионнарын ардыгар буолбут куонкурус кыайыылаахтара бааллар. Ол курдук, Томмокко кытыл, Өлүөхүмэҕэ «На Рубеже веков» сквер, Аллараа Бэстээххэ киин паарка бастакы уочарата, Хаандыгаҕа кытыл уонна Аммаҕа дьоҕус паарка.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА