Саха сиринээҕи гидрометеосулууспата өрөспүүбүлүкэҕэ балаҕан ыйын 29 күнүнээҕи халлаан туругун иһитиннэрдэ.
Соҕуруу, сорох сирдэринэн киин уонна хотугулуу-арҕаа өттүгэр быстах ардахтаах уонна хаардаах самыыр түһүөҕэ. Анаабыр уонна Булуҥ улуустарыгар күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр — сөкүүндэҕэ 19–21 миэтэрэҕэ тиийэ, түүн 25–30 миэтэрэҕэ диэри, сорох сиринэн буурҕа.
Күнүс киин улуустарга салгын температурата +2…+7 °С буолуоҕа, соҕуруулуу-арҕаа +7…+12 °С диэри сылыйыаҕа, соҕуруу +12…+17 °С тиийиэҕэ. Кытылга тымныы — -1…-6 °С диэри.
Дьокуускай куоракка күн устата сөҥүү түспэт. Түүн синоптиктар -3…-5 °С, күнүс +6…+8 °С диэн иһитиннэрдилэр.



