20 Сэтинньи 20.11
  • -37°
  • $ 81,93
  • € 89,86

Сулустар кэпсииллэр. Сэтинньи 20 күнэ

09:03, 20 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Хой
Күн бастакы аҥаарыгар саҥа дьыаланы саҕалыырга тоҕоостоох кэм. Энергияҕыт элбэх, ол эрээри ыксаамаҥ. Дьон санаатын истиҥ.

Оҕус
Тапталга уонна дьиэ кэргэҥҥэ болҕомтону ууруҥ. Чугас дьоҥҥутун кытта сылаас сыһыаны олохтооҥ. Үп-харчы өттүгэр сэрэхтээх буолуҥ.

Игирэлэр
Сибээстэри олохтуурга, сонуннары истэргэ табыгастаах күн. Интэриэһинэй этии киириэн сөп. Толкуйдаан баран быһаарыыны ылыныҥ.

Араак
Эмоцияҕытын туттуна сатааҥ. Дьон санаатын алдьатыаххытын сөп. Чугас дьоҥҥутугар өйөбүл буолуҥ, кинилэр эһигини кэтэһэллэр.

Хахай
Барытыгар инники күөҥҥэ тахса сатаамаҥ. Сороҕор көннөрү кэтээн көрөр ордук. Айар куттаах дьоҥҥо ситиһиилээх күн.

Кыыс
Тургутуулаах күн. Дьыаланы-куолуну бэрээдэктиир, докумуоннары бэрийэр кэм кэллэ. Чиэһинэй буолуҥ, бэйэҕитин албыннаамаҥ.

Ыйааһын
Кэпсэтиигэ, дуогабар баттаһыытыгар табыгастаах күн. Эн тылгын истиэхтэрэ, өйдүөхтэрэ. Саҥа билсиһии олоххутун уларытыан сөп.

Скорпион
Туох эрэ кистэлэҥи билиэххит эбэтэр уруккуттан билэр киһигитин атын хараххытынан көрүөххүт. Интуицияҕытыгар эрэниҥ.

Охчут
Сонуҥҥа, айаҥҥа тардыһар күүскүт улааппыт. Саҥаны билиҥ, үөрэниҥ. Уһун кэмнээх былааннары оҥостуҥ.

Чубуку
Карьераҕа болҕомтону ууруҥ. Эһиги үлэҕитин бэлиэтиэхтэрэ. Улахан былааннары олоххо киллэрэргэ кэм кэлбит.

Күрүлгэн
Доҕотторгутун кытта көрсүҥ, уопсай бырайыактары толкуйдааҥ. Уларыйыылартан куттанымаҥ — кинилэр үчүгэйи аҕалыахтара.

Балыктар
Бүгүн айар үлэҕит, муза кэлиэн сөп. Уоскулаҥы, иһирэх эйгэни кытта алтыһыҥ. Түүлгүтүн болҕомтолоохтук истиҥ.

Аһаҕас источниктан тылбаастанна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова