18 Сэтинньи 18.11
  • -36°
  • $ 82,45
  • € 90,81

Саха сиригэр быраастар экстремальнай намыһах ыйааһыннаах оҕону быыһаатылар

17:03, 18 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха сиринээҕи Медицина национальнай киинин (МНК) Перинатальнай киинин быраастара экстремальнай намыһах ыйааһыннаах — 350 граммнаах саҥа төрөөбүт оҕону быыһаатылар. Кини ийэтин иһигэр 24-с нэдиэлэтигэр сылдьан, эрдэлээн төрөөбүт. Билигин оҕо уонна ийэ доруобуйаларыгар куттал суох, кинилэри эмтиир тэрилтэттэн таһаардылар. Бу туһунан МНК пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бэлиэтэнэринэн, ийэ хат буолуута ыарахан преэклампсиянан уустугурбут — дьахтар уонна оҕо доруобуйаларыгар кутталлаах туругунан. Оҕо экстремальнай намыһах ыйааһыннаах төрөөбүт. Маннык болдьоххо уорганнар уонна систиэмэлэр бэйэлэрэ үлэлииргэ бэлэмэ суохтар, онон бастакы мүнүүтэлэртэн интенсивнай терапия наада буолбут.

«Бу оҕону быыһааһын историятыгар биһиги исписэлиистэрбит ыйы-ыйынан ыарахан үлэлэрэ, аныгы медицинскэй технологиялар уонна кырачаан олоҕор күн аайы улахан эппиэтинэс тураллар. 350 граммнаах оҕону быһааһын — Перинатальнай киин бүтүн хамаандатын үрдүк профессионализмын уонна бииргэ үлэлээһинин түмүгэ. Хас биирдии быыһаммыт олох — бу медицина ситиһиитэ эрэ буолбатах, дьиэ кэргэн улахан дьоло уонна биһиги үлэбит сүрүн сыаната», — диэтэ Медицина национальнай киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков.

Бастакы икки ый оҕо анестезиология-реанимация уонна саҥа төрөөбүт оҕолор интенсивнай терапияларын салаатыгар тыҥаны искусственнай вентиляциялааһын анныгар ааста. Бастаан аһылыга вена иһигэр бэриллэрэ, ону кытта оҕо ийэтин үүтүн кыра кээмэйинэн ылара. Уолчааны балыыһаттан үс ыйын уонна 16 хонугун туолуутугар таһаардылар.

«Бу кэмҥэ кини эбии кислорода суох бэйэтэ тыынар этэ. Неврологическай борогунуоһу уонна тыҥа туругун исписэлиистэр үчүгэйинэн сыаналаатылар. Иннибитигэр — салгыы кэтээн көрүү уонна реабилитация. Маннык кыра ыйааһын Медицина национальнай киинин историятыгар суох этэ», — диэн киин пресс-сулууспата суруйда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА