17 Сэтинньи 17.11
  • -34°
  • $ 82,51
  • € 91,19

Саха сирин авиапаарката саҥардыллыаҕа: Ан-24 оннугар — Ил-114-300

12:16, 17 ноября
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Арассыыйа Үлэтин-хамнаһын уонна сайдыытын боппуруостарынан дьарыктанар РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин бэрэстэбиитэлэ Олег Кожемяконы кытта көрсүһэн, өрөспүүбүлүкэ авиациятын сайдыытын дьүүллэспитэ.

Кэпсэтии сүрүн тиэмэтинэн Саха сиригэр авиацияны саҥардыы буолбута. Билигин Саха сиригэр туһаныллар Ан-24 сөмүлүөттэр ресурстарынан бүппүттэр, ол иһин кинилэри саҥа, киэҥник биллэр Ил-114-300 сөмүлүөттэринэн солбуйар наадалаах. Бу сөмүлүөттэр Саха сирин хаардаах-тымныылаах усулуобуйатыгар ситиһиилээхтик боруобаламмыттара.

— Олег Николаевич Кожемяконы кытта көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытын, ол иһигэр авиация боппуруостарын киэҥник дьүүллэстибит. Ан-24 сөмүлүөттэр эргэрдилэр, өрөмүөннэригэр улахан үп-харчы ороскуоттанар. Онон, Арассыыйа оҥорон таһаарбыт саҥа Ил-114 сөмүлүөттэрин туһаныы биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус суолталаах. Арассыыйа Бырабыыталыстыбата уонна «Объединенная авиастроительная корпорация» өйөбүллэринэн бу боппуруоһу быһаарыахпыт диэн эрэнэбин. РФ Аан дойдутааҕы бырамыысыланнас уонна эргиэн министиэристибэтэ Саха сирин бу саҥа сөмүлүөттэри ылыахтах бастакылар кэккэлэригэр көрөр, — диэн Айсен Николаев «Прямой разговор» биэрии кэмигэр иһитиннэрдэ.

Сэтинньи 3 күнүнээҕи көрсүһүүгэ авиация эрэ буолбакка, Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта, хомунаалынай хаһаайыстыбаны саҥардыы, өрүс суолларын дириҥэтии уонна «Мохэ – Найба» аан дойдутааҕы тырааныспар көрүдүөрүн олоххо киллэрии боппуруостара эмиэ ырытылыннылар. Ил Дархан бэлиэтииринэн, ыйаахха ыытыллыахтаах тэрээһиннэринэн авиацияны саҥардыы боппуруоһугар тутаах үктэллэри оҥоруохтара, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА