16 Сэтинньи 16.11
  • -32°
  • $ 82,15
  • € 91,03

Владимир Путин успуорт национальнай көрүҥнэрин көхтөөхтүк сайыннарарга ыҥырда

11:56, 16 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин успуорду уонна физическэй култуураны сайыннарар Сэбиэт мунньаҕар успуорт национальнай көрүҥнэрин, дойду устуоруйатын нэһилиэстибэтин быһыытынан көрөн, ордук көхтөөхтүк сайыннарарга ыҥырда, диэн ЯСИА иһитиннэрэр.

«Биллэн турар, олимпийскай көрүҥнэр — успуорт эгэлгэтин сорҕото эрэ. Онон биһиэхэ Арассыыйа норуоттарын ураты култуурунай, устуоруйа нэһилиэстибэтин быһыытынан национальнай успуорт көрүҥнэрин ордук көхтөөхтүк сайыннарар, эдэр ыччат ортотугар үгэс буолан эрэр сыыппара уонна да атын технологиялар ситимнээх успуорт, оонньуу күрэхтэһиилэрин саҥа, инновационнай хайысхаларын өйүүр улахан суолталаах. Биир тылынан, сааһыттан уонна доруобуйа туругуттан тутулуга суох дьону успуорка тардар кыаҕы барытын», — диэн Путин тылларын Кремль саайтыгар суруйдулар.

Мунньах кэмигэр кини талааннары арыйар, бастыҥ атлеттары булар, сааһыттан тутулуга суох дьон успуорт аренатыгар бэйэлэрин көрдөрөр, ону ааһан дьиэ кэргэнинэн бары кыттар, бириэмэни туһалаахтык атаарар турнирдары тэрийии — доруобуйаны харыстыырга уонна бөҕөргөтөргө, актыыбынай олох укулаатын сыаннастарын тарҕатарга улахан суолталаах успуорт эйгэтин дьоһуннаах хайысхата буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Санатар буоллахха, алтынньыга «Арассыыйа — успуорт державата» диэн форум чэрчитинэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ эмиэ национальнай успуорт көрүҥнэригэр өйөбүлү улаатыннарарга ыҥырбыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА