Чуумпу акыйаан флотун 636.3 бырайыага «Якутск» уу аннынан устар хараабыл Балтика муораттан айаннаан кэлэн, Владивостокка бастакытын тиийдэ. Бу туһунан Уһук Илин федеральнай уокурукка Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ иһитиннэрдэ.
Балтика муоратыттан Чуумпу акыйааҥҥа диэри флоттар икки ардыларынааҕы айан Хотугу муора суолунан ааста: уу аннынан устар хараабыл тоҕус тыһыынчаттан тахса муора биэрэстэтин айаннаата.
Приморскай флотилия уу аннынан устар хараабылларын холбоһугар үөрүүлээх көрсүһүүнү тэрийдилэр. Хамаанданы флотилия хамандыыра вице-адмирал Алексей Сысуев эҕэрдэлээтэ; моряктары төрөппүттэрэ, оҥорон таһаарар собуот бэрэстэбиитэллэрэ уонна бэтэрээннэр тэрилтэлэрэ көрүстүлэр. Саха сирин дьонун аатыттан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илин федеральнай уокурукка бастайааннай бэрэстэбиитэл Ким Борисов эҕэрдэлээтэ. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев этиитин ааҕан иһитиннэрдэ:
«Хараабылга киин куораппыт аатын иҥэрии — ураты эрэниини уонна билиниини кэрэһэлиир. Бу Саха сирэ дойду куттала суох буолуутугар киллэрэр кылаатын үрдүкү таһымҥа көрөллөрүн уонна сыаналыылларын туоһулуур. Бу биһиги хотугу дойдубут уонна Арассыыйа Байыаннай-Морской Флотун ыкса ситимин бэлиэтэ».
2025 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын уонна уу аннынан устар хараабыл икки ардыларыгар бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаммыта. «Крестная мать» Марина Бахилина, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи ыстаабын салайааччыта, 2024 сыл алтынньытыгар Санкт-Петербурга «Якутск» хараабылы ууга түһэриигэ кыттыбыта уонна Владивостокка кинини көрүстэ.
Уу аннынан устар хараабыл хамандыыра 2-с рангалаах капитан Сергей Писарев ыалдьыттарга экскурсия ыытта. Сынньалаҥ кэнниттэн хамаанда былааннаах бойобуой бэлэмнэниигэ тахсыаҕа.
«Якутск» — 636.3 «Варшавянка» бырайыак алтыс уонна бүтэһик уу аннынан устар хараабыла, Чуумпу акыйаан флотыгар Адмиралтейскай собуоттарга тутуллан, 2025 сыл бэс ыйыгар флот састаабыгар киирбитэ. Хараабыл устата — 73 миэтэрэ, хамаандата — 52 киһи, автономноһа — 45 күн кэриҥэ. Сэбилэниитигэр торпедалар уонна «Калибр» ракетнай комплекс бааллар. Бу бырайыак уу аннынан устар хараабылларын кистэлэҥнэрин иһин НАТО-ҕа «Черная дыра» диэн ааттыыллар.



