12 Сэтинньи 12.11
  • -14°
  • $ 82,66
  • € 92,7

Ленскэй оройуонугар «Умнас» айан суолга үс килэмиэтир өрөмүөннэннэ

15:03, 12 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Бу күннэргэ Саха сирин Суолларын управлениетын тутар хамыыһыйата Ленскэй оройуонугар үлэтин түмүктээтэ. Ол түмүгэр «Олох-дьаһах инфраструктурата» национальнай бырайыагынан өрөмүөн кэнниттэн регионнааҕы суол бастакы үс килэмиэтирэ сөптөөҕүнэн ааттанна.

Быйылгы суол тутуутун сезонугар суол үлэһиттэрэ 977-с килэмиэтиртэн 980-с килэмиэтиргэ диэри суолу саҥартылар. Үс килэмиэтирдээх учаастакка улахан диаметрдаах түөрт ууну аһардар турбаны туруоруу, сир ньуурун уонна суол үрдүн оҥоруу үлэлэрэ ыытылыннылар.

Эһиил «Сэттэ» ХЭТ ДРСУ бэдэрээтчит тэрилтэ 972,8 килэмиэтиртэн 977-с килэмиэтиргэ диэри учаастакка суол үлэтин иккис түһүмэҕин толоруоҕа. Онон «Олох-дьаһах инфраструктурата» национальнай бырайыагынан Ленскэй улууһугар «Умнас» суол 7,15 килэмиэтирэ саҥардыллыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА