Саха сирэ ньиэп бородуукталарынан тохтоло суох туттууга хааччылынна, нэһилиэнньэҕэ уматык биэрии былаан быһыытынан ыытыллар. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай оборона дьыалаларыгар уонна олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыыга миниистирин солбуйааччы Никита Павлов иһитиннэрдэ.
«Туймаада-Ньиэп» уонна «СибОйл» ситимнэртэн быстах хааччахтааһыннар, ол иһигэр уматыгы иһиттэргэ атыылыыр бобуу, уһулуннулар. «Саханефтегазсбыт» АЗС-тарыгар хааччахтааһыннар билигин да бааллар — биир транспорка 20-тан 30 лиитэрэҕэ диэри.
Навигация түмүктэннэ. Ньиэп бородуукталарын мунньуллубут саппааһа Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри тиийэр. Бэдэрээтчиттэри кытта үлэ тиһиктээхтик ыытыллар.



