16 Сэтинньи 16.11
  • -33°
  • $ 82,15
  • € 91,03

Өлүөнэ өрүһү туоруур муус суолу ахсынньы 10 күнүттэн арыйар былааннаахтар

18:03, 16 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бөҕөргүү илик мууска тахсыбаттарыгар ыҥырда. Билигин өрүскэ ууга түһэр улахан куттал баар. Бу туһунан кини «Саха» ГТРК «Быһа кэпсэтии» биэриитигэр эттэн, ЯСИА иһитиннэрэр.

Николаев өрүһү кытта оонньуур табыллыбатын эттэ. Муус уйар курдук көһүннэр даҕаны, биэс миэтэрэни аастахха ууга түһүөххэ сөп. Ыйааһыны олохтуур быраабылалар элбэх дьон олоҕунан суруллубуттар, онон мууһунан суол официальнайдык аһылларын кэтэһэр булгуччулаах.

«Көҥүл суох буоллаҕына, мууска тахсар булгуччу бобуллар. Билигин биһиги суолбут үлэһиттэрэ Хатас — Павловскай мууһунан суолу оҥорууга бэлэмнэниини саҕалаатылар, бу суол мэлдьи бастакынан аһыллар. Бырабыыталыстыба планеркатыгар бүгүн эппиттэринэн, мууһунан суолу арыйыы 10-с чыыһылаҕа былааннанар. Өскөтүн усулуобуйалар көҥүллээтэхтэринэ, арыйыыны эрдэ ыытыахтара, ким да болдьоҕу уһатар санаата суох. Быраабылалары тутуһар наада, тоҕо диэтэххэ, дьон олоҕо уонна доруобуйата — биһиги бастакы суолталаах сыаннаспыт», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА