Евгения уонна Максим Арбугаевтар «Чуураа» диэн Саха сиригэр уһуллубут документальнай киинэлэрэ, Польшаҕа ыытыллыбыт Camerimage диэн аан дойдутааҕы бэстибээл кылгас киинэлэр күрэхтэһиилэригэр кыайыылааҕынан таҕыста. Киинэни Абый уонна Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар устубуттар, диэн СИА иһитиннэрэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, Camerimage диэн киинэ оператордарын искусствотын бэстибээлин иһинэн кылгас документальнай киинэлэр күрэхтэрэ быйыл аан бастаан ыытылынна. Арбугаевка күрэс саамай үрдүк наҕараадатын — «Көмүс баҕаны» туттардылар. Урут Максим Арбугаев СИА-ҕа кэпсээбитинэн, бу бэстибээлгэ кыттыы киниэхэ устудьуоннуу сылдьан ВГИК-ка үөрэнэр кэмиттэн ыра санаата.
««Выход» диэн киинэни таһаарбыппыт кэнниттэн, киһи уонна айылҕа ситимин көрдүүбүт. Ол курдук биһиги Айсен диэн учуонайы кытта билистибит, кини биһиги геройбут. Евгениялыын киниэхэ тиийэн, барыта хайдах оҥоһулларын көрөөрү, бу сири харахпытынан көрөн билээри, туох тахсыан сөбүн өйдөөрү барбыппыт. Үлэ кэмигэр манна интэриэһинэй история баарын өйдөөбүппүт уонна устарга быһаарыммыппыт», — диэтэ Максим Арбугаев.
«Чуураа» диэн киинэ Саха сирин учуонайа Айсен Климовскай туһунан кэпсиир, ыраах Сибиир Арктикатыгар. «Учуонай ууллан эрэр үйэлээх ирбэт тоҥ дириҥэр түһэр. Эргэ харамайы көрдүү сылдьан кутталлаах, кыараҕас хайа хаспахтарын нөҥүө сир аннынааҕы дойду мифическэй эйгэтигэр киирэр», — диэн киинэ ойуулааһыныгар этиллэр. Киинэ режиссёрынан Евгения Арбугаева буолбут, оператордарынан Максим Арбугаев уонна Владимир Егоров үлэлээбиттэр.



