Арассыыйа Соцфонда 2027 сыл олунньу 1 күнүттэн гражданскай авиация лүөччүктэрин уонна таас чох бырамыысыланнаһын сорох категория үлэһиттэрин биэнсийэлэригэр ыйдааҕы эбии төлөбүрү былааннаахтык хат ааҕыыны ыытыаҕа. Бу туһунан РИА Новости-га Бэрэсидьиэн академиятын доцена Мария Кутарова иһитиннэрдэ.
Эбии төлөбүргэ бырааптаах шахтердарга 25 сылтан итэҕэһэ суох ыстаастаах, чох уонна сланец хостооһуҥҥа, шахта тутуутугар эбэтэр кинилэри хааччыйар байыаннайдаах хайа-быыһыыр чаастарга толору күҥҥэ үлэлиир үлэһиттэр киирэллэр. Бастакы суолталаах идэлэргэ — «горнорабочий очистного забоя, проходчик, забойщик на отбойных молотках, машинист горных выемочных машин» — 20 сыл ыстаас сөп буолар.
Хат ааҕыы сылга түөрт төгүл тута ыытыллар: олунньу 1, ыам ыйын 1, атырдьах ыйын 1 уонна сэтинньи 1 күннэригэр.
Эбии төлөбүрдэр страховой биэнсийэҕэ киирбэттэр, социальнай хааччыйыы бэйэ туспа көрүҥэ буолаллар уонна үлэ биэрээччилэр анал усунуостарынан үбүлэнэллэр. Кээмэйэ ыйдааҕы орто хамнастан, ыстаастан уонна урукку кыбаарталга киирбит усунуостар кээмэйдэриттэн тутулуктаах.
Олунньутааҕы хат ааҕыыга 2026 сыл алтынньы-ахсынньы ыйдарын киллэрэн ааҕыллар, онон суума улаатыан да, аччыан да сөп.
Эрдэ иһитиннэрбиппитинэн, 2027 сылга Арассыыйа үлэлээбэт гражданнарын биэнсийэлэрэ ортотунан 2,4 тыһыынча солкуобайынан улаатыаҕа.



