Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар чугаһаан, дьон-сэргэ аймахтарыгар, дойдуларыгар айанныыр кэмэ тирээн кэллэ. Бу кэмҥэ сырыы биллэрдик элбиирин учуоттаан, «Полярные авиалинии» авиахампаанньа бу сыл ахсынньытыгар Хотугу уонна Арктика улуустарынан эбии рейстэри арыйбытын туһунан иһитиннэрэр, суруйда Саха сирэ саайт.
Эбии рейстэр маннык хайысхаларынан былааннаналлар:
- Баатаҕай — Дьокуускай: ахсынньы 15 уонна 22 күннэригэр;
- Дьокуускай — Тиксии — Дьокуускай: ахсынньы 17 күнүгэр;
- Дьокуускай — Орто Халыма — Дьокуускай: ахсынньы 18 уонна 25 күннэригэр;
- Дьокуускай — Белая Гора — Дьокуускай: ахсынньы 23 күнүгэр;
- Дьокуускай — Уус-Куйга — Дьокуускай: ахсынньы 24 күнүгэр;
- Дьокуускай — Баатаҕай — Дьокуускай: ахсынньы 29 күнүгэр.
Авиахампаанньа быраабылатынан, босхо таһыллар багаас ыйааһына — 20 киилэҕэ диэри, ону тэҥэ 5 киилэҕэ диэри илии тутуурун — суумканы сөмөлүөккэ илдьэ киириэххэ сөп. Билиэттэри хампаанньа официальнай polar-aero.ru саайтыттан уонна куорат, улуус авиакассаларыттан атыылаһыахха сөп.
Сиһилии билсэр төлөпүөн: 8-800-100-59-59. Саҥа дьыл иннинээҕи айаҥҥытын эрдэттэн былааннааҥ!



