17 Сэтинньи 17.11
  • -38°
  • $ 82,51
  • € 91,19

2027 сылга "больничнайга" муҥутуур төлөбүр үрдүөҕэ

09:54, 17 ноября
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на

2027 сылга ыалдьан быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕа суох буолуу биир күнүн иһин компенсация муҥутуур кээмэйэ 7860 солкуобайга тиийиэҕэ. Бу туһунан Госдуума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Николай Коломейцев иһитиннэрдэ.

Парламентарий бэлиэтээбитинэн, босуобуйа кээмэйэ үлэһит страховой ыстааһыттан уонна инники кэмнэргэ кини официальнай хамнаһыттан быһаччы тутулуктаах. Ону кытта төлөбүрдэр муҥутуур суумалара сыл аайы индексацияланар: тэҥнээн көрдөххө, 2026 сылга «больничнайы» ааҕарга туттуллар муҥутуур күннээҕи хамнас 6,8 тыһыынчаттан тахса солкуобайга олохтоммут.

Коломейцев босуобуйаны ааҕыыга билигин үлэлиир формуланы сиһилии быһаарда. Ол курдук, страховой ыстааһа 5 сылга диэри үлэһиккэ орто күннээҕи хамнаһыттан 60%, оттон 5 сылтан 8 сылга диэри — 80% төлөнөр. Ыстааһа 8 сылтан үөһэ буоллаҕына, толору төлөбүрү ылыахха сөп.

Ааҕар төрүккэ үгэс курдук, страховой түбэлтэ буолуон иннинээҕи икки сыллаах дохуот ылыллар. Ол эбэтэр, өскөтүн үлэлиир кыаҕа суох буолуу лииһэ 2026 сылга арыллар буоллаҕына, 2024 уонна 2025 сыллар дохуоттара учуоттанар, ол иһигэр инники үлэлээбит сирдэригэр ылбыт хамнас эмиэ киирэр.

Депутат бэлиэтээбитинэн, түмүк төлөбүр сууматыттан тутулуктаах страховой базалар муҥутуур лимииттэрэ сыл аайы РФ Бырабыыталыстыбатын туспа уураахтарынан бигэргэтиллэллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова