Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев сэтинньи 16 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта, онно өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутааттара киллэрбит Төрүт Сокуон сокуоннарын икки бырайыага көрүлүннэ.
Сокуон бырайыактарыттан биирдэстэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун 69 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрэри торумнуур, ол өрөспүүбүлүкэ баһылыгын талыы бэрээдэгин сүрүннүүр.
Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонунан, биир киһи өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын дуоһунаһыгар иккиттэн ордук болдьоххо субуруччу талыллар кыаҕа суох. Ол гынан баран, 2021 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи 414-ФЗ №-дээх «Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай тускулларын туһунан» Федеральнай сокуон маннык хааччахтааһыны туруорбат, эрэгийиэннэргэ бу боппуруоһу бэйэлэрэ быһаарар быраабы биэрэр. Билигин иккиттэн ордук болдьоххо субуруччу талыллыы бобуута Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Севастопольга эрэ үлэлиир. Бу сокуон бырайыагынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун тустаах нуорматын күүһүн сүтэрбитинэн билиниэххэ диэн этиллэр.
Өссө биир сокуону оҥоруу көҕүлээһинэ Төрүт Сокуоҥҥа территориальнай тутулга, гражданнар бырааптарыгар уонна көҥүллэригэр, ону тэҥэ суут систиэмэтигэр сыһыаннаах уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэри торумнуур.
Чуолаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориальнай бүтүн буолуутун туһунан балаһыанньалары чуолкайдааһын, өрөспүүбүлүкэ территорията материковай уонна арыы чаастартан турарын бигэргэтии, ону тэҥэ Арассыыйа Федерациятын Арктическай зонатын кураанах сирдээх территорияларыгар киирэр муниципальнай оройуоннар территориялара кимиэхэ сыһыаннааҕын көрдөрүү этиллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина быһаарбытынан, этиллэр уларытыылар өрөспүүбүлүкэ территориятын састаабын Төрүт Сокуоҥҥа ордук толору көрдөрөргө кыах биэриэхтэрэ.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар материковай чаас эрэ буолбакка, арыылар киирэллэр, олор статустара өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонугар бигэргэммэтэх. Төрүт Сокуоҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин материковай уонна арыы чаастарын статуһун бигэргэтэри, ону тэҥэ Арктическай улуустар уонна оройуоннар территорияларыгар сыһыаннаах балаһыанньалары чуолкайдыыр этии киллэриллэр. Бу уларытыылар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар конституционнай-быраап статуһугар толору сөп түбэһэллэр дии саныыбын», — диэн Ольга Балабкина бэлиэтээтэ.
Маны таһынан, сокуон бырайыага киһи уонна гражданин бырааптарын уонна көҥүллэрин хааччахтыыр төрүөттэр туһунан балаһыанньалары, ону тэҥэ федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэрэн суут уорганнарын ааттарын чуолкайдааһыны торумнуур.
Мунньах кэмигэр Айсен Николаев этиллэр уларытыылары бары өттүттэн көрөргө уонна хас биирдии балаһыанньаны кичэйэн правовой өттүнэн ырытарга наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Кэпсэтии түмүгүнэн Төрүт Сокуон хамыыһыйата икки сокуон бырайыагын тустаах оробуочай уорганнар сөптөөх түмүктэри бэлэмнииллэригэр быһаарда.
Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии процедуратыгар сокуону оҥоруу көҕүлээһиннэрин Төрүт Сокуон хамыыһыйатынан көрүү булгуччулаах түһүмэҕинэн буолар. Экспертнай уонна редакционнай өттүнэн ырытыллыбытын кэннэ, сокуон бырайыактара Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) төннөрүллүөхтэрэ. Салгыы публичнай дьүүллэһиигэ таһаарыы былааннанар.



