17 Сэтинньи 17.11
  • -37°
  • $ 82,51
  • € 91,19

Андрей Титович Титаров төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай күрэҕэр ыҥыраллар

18:03, 17 ноября
Хаартыска: Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын МАХ-ханаала
Читайте нас на

Дойду үрдүнэн Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура сылларын чэрчитинэн ыытыллар, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Андрей Титович Титаров төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олонхо тойугун ситимэ, оһуохай дуораана” күрэх ахсынньы ый 18-19 күннэригэр Дьокуускай куорат “Арчы дьиэтигэр” буоларын тэрийээччилэр иһитиннэрдилэр.

«Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын киллэрбит, омоллоон оһуохайы оройуттан өрө туппут киэн туттар оһуохайдьыт, айылҕаттан айдарыылаах отоһут, аар тайҕа байанайдаах булчута Андрей Титович Титаров аатын үйэтитии, саха төрүт култууратын – оһуохайы — киэҥник тарҕатыы уонна ааттаах-суоллаах оһуохайдьыттар ааттарын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, удьуор утумун сайыннарыы, саҥа ааттары булуу тэрээһин сыалынан-соругунан буолар, — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

35-55 дылы саастаахтар уонна 56 — тан үөһээ саастаахтар бөлөхтөргө арахсан кыттыахтара. Кыайыылаахтары биэс киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ быһаарар, суруйда Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын МАХ-ханаала.

Күрэҕи Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уонна Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин өйөбүлүнэн Үөһээ Бүлүү муниципальнай оройуон «Култуура уонна духуобунай сайдыы департамена» МКТ, «Кэнтик нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтэ, «Хомустаах нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалталара тэрийэн ыыталлар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА