17 Сэтинньи 17.11
  • -34°
  • $ 82,51
  • € 91,19

Чэрскэй олохтооҕо АБДь-га өлбүт буойун төлөбүрдэрин уорбутугар буруйданар

15:03, 17 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Аллараа Халыма улууһугар борокуратуура Чэрскэй бөһүөлэгин 61 саастаах олохтооҕор холуобунай дьыалаҕа буруйдуур түмүгү бигэргэттэ. Кини ураты улахан кээмэйдээх уорууга, баан счетуттан харчыны устуугга, буруйданар.

Биллибитинэн, буруйдаах дьахтар өлбүт кийиитин счетуттан АБДь зонатыгар өлбүт быраатыгар киирбит 5 мөлүйүөн солкуобайдаах төлөбүрү уорбут. Бу харчы өлбүт дьахтар сокуоннай саастарын ситэ илик үс оҕотугар нэһилиэстибэ быһыытынан тиксиэхтээҕэ.

Билигин холуобунай дьыала суукка көрүллээри ыытылынна. Силиэстийэ кэмигэр буруйданааччы хоромньуну толору толуйда. Харчы оҕолор счеттарыгар тэҥ өлүүлэринэн ыытылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА