Саха сиригэр кыһыҥҥы тымныылар турдулар. Тымныыга сөп түбэспэт таҥаһы таҥныы уонна куттал суох буолуутун быраабылаларын тутуспат буоллахха, тоҥуохха, үлүйүөххэ сөп.
«Акцент» биэриигэ 2 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа — Суһал медицинскэй көмө киинин салайааччыта Светлана Семёнова тоҥууга, үлүйүүгэ бастакы бэлиэлэр баар буоллахтарына тугу гынар туһунан кэпсээтэ. Кини сылааһы тутар төрүт бириинсиптэри санатан туран, Саха сирин быраастара тымныыны утары охсуһууга оҥорбут арыйыыларын туһунан иһитиннэрдэ.



