Үөрэхтээһини үбүлээһин саҥа оскуолалары тутуунан эрэ бүппэттэр. Ону тэҥэ аныгы оборудованиенан хааччыйыы, оҥоһуллубут инфраструктураны өйөөһүн уонна үөрэх эйгэтин утумнаахтык сайыннарыы суолталаах. Бу туһунан Дьокуускай куорат 40 №-дээх М. Е. Николаев аатынан орто оскуолатын дириэктэрэ Галина Васильева Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027–2029 сылларга бүддьүөтүн барылын ырытарыгар кэпсээтэ.
«Биһиги оскуолабыл ааспыт сылга Дьокуускай биир сайдан эрэр оройуонугар аһыллыбыта. Сүүһүнэн дьиэ кэргэҥҥэ бу улахан боппуруоһу быһаарыы буолла — оҕолор дьиэлэрин таһыгар үөрэнэр кыахтаннылар. Бүгүн биһиэхэ үөрэх аныгы усулуобуйалара тэрилиннилэр: үөрэнэр кэбиниэттэр уонна лабораториялар оборудованиенан хааччылыннылар, спордунан уонна айар үлэнэн дьарыктанарга аналлаах эйгэлэр көрүлүннүлэр.
Ол эрээри оскуоланы тутуу уонна арыйыы — бу бастакы эрэ түһүмэх. Салгыы күн аайы үлэ саҕаланар, бу үлэ дьиэ-уот туругар, техническэй хааччыйыыга, үөрэх оборудованиетын саҥардыыга ураты болҕомтону ирдиир. Үөрэх бырагыраамалара уларыйаллар, саҥа технологиялар киирэллэр, ону кытта оскуола бу уларыйыыларга эппиэттиир буолуохтаах, оччоҕуна оҕолор хаачыстыбалаах үөрэҕи ылаллар.
Онон, үөрэхтээһини үбүлээһин туһунан этэрбитигэр, саҥа эбийиэктэри тутуу бүппүтүн кэнниттэн, баар тэрилтэлэри салгыы сайыннарыыны учуоттуур наадалааҕын бэлиэтиибит. Чугастааҕы үс сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн барылыгар үөрэх эйгэтигэр 200 миллиард солкуобайтан тахса үп көрүлүннэ. Биһиэхэ, оскуолалар салайааччыларыгар, бүддьүөт быһаарыылара баар усулуобуйалары эрэ оннунан хаалларар буолбакка, кэлин кинилэри тупсарар кыаҕы биэрэрэ булгуччулаах суолталаах.
Биһиги оскуолабыт холобуругар үөрэх инфраструктуратын сайыннарыыга үбүлээһин дьиэ кэргэн күннээҕи олоҕун уларыталларын көрөбүт. Аны билигин аныгы оскуолалар аныгы ис хоһоонунан туолаллара, кинилэр арыйар кыахтара оҕону үөрэтиигэ уонна сайыннарыыга толору туһаныллара наада», — диэн Галина Васильева бэлиэтээтэ.



