17 Сэтинньи 17.11
  • -35°
  • $ 82,51
  • € 91,19

ХИФУ устудьуона дьоппуон тылынан этии күрэҕэр үрүҥ көмүс мэтээли ылла

16:03, 17 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

ХИФУ тас дойду филологиятын уонна регионнары үөрэтэр институтун төрдүс кууруһун устудьуона Виктория Коротова Уһук Илин уонна Илин Сибиир үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт XXX дьоппуон тылынан этии күрэҕэр иккис миэстэни ылла. Үбүлүөйдээх күрэхтэһии Сахалиннааҕы судаарыстыбаннай университекка буолла уонна макрорегион алта бастыҥ университетын бэрэстэбиитэллэрин түмтэ, диэн үөрэх кыһатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Устудьуон «Биир эрэ хардыы» диэн ааттаах этиинэн кытынна. Этиитин сүрүн тиэмэтинэн Дмитрий Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга дьоппуон хамаандатыгар тылбаасчыт быһыытынан үлэлии сылдьан тыл мэһэйин туоруур бэйэтин уоппута буолла.

«Улахан суол кыра хардыыттан саҕаланар. Саамай табыгастаах кэми кэтэһэр эбэтэр алҕастартан куттанар наадата суох — быһаарыныахха эрэ наада. Сороҕор бу быһаарыы олоҕу бүтүннүү уларытар», — диэн кыайыылаах бэлиэтээтэ.

Викторияны күрэхтэһиигэ ХИФУ илиҥҥи тыллар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы чинчийиилэр хаапыдыраларын преподавателлэрэ бэлэмнээтилэр. Кыттааччы билинэринэн, сүрүн уустугунан ыйыллыбыт биэс мүнүүтэ иһигэр омук тылыгар тыыннаах эмоциялары тиэрдии буолла.

Уокурук таһымыгар ситиһиини устудьуон түөрт сыл үөрэниитин уонна настаабынньыктарын кытта бииргэ үлэлээһин түмүгүнэн ааҕар. Инникитин Виктория норуоттар икки ардыларынааҕы коммуникациялар эйгэлэригэр сайдар уонна идэтин дьоппуон тылын кытта сибээстиир былааннаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА