18 Сэтинньи 18.11
  • -36°
  • $ 82,45
  • € 90,81

Саха сириттэн «Народнай фронт» эдэр волонтёрдара Курскай уобаласка көмөлөстүлэр

14:16, 18 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн «Народнай фронт» ыччат хамаандата Курскай уобаласка гуманитарнай миссияны түмүктээтэ. 15 баҕа өттүнэн кыттааччы икки нэдиэлэ устата госпиталь үлэһиттэригэр уонна ыарыһахтарыгар көмөлөстүлэр, уобалас олохтоохторун өйөөтүлэр, ону тэҥэ гуманитарнай таһаҕастары бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга кытыннылар.

Үлэ сүрүн хайысхаларыттан биирдэстэрэ байыаннай госпитальга көмө буолла. Баҕа өттүнэн кыттааччылар 4,5 туонна гуманитарнай таһаҕаһы сүөкээтилэр уонна ыскылаакка уурдулар, таҥас-сап уонна матараастары уларытыыга көмөлөстүлэр, ыарыһахтарга тус гигиенаҕа туттар маллары биэрдилэр.

Ону таһынан, волонтёрдар отделениеларга 1656 аһылык өлүүтүн тиэртилэр, лифт аттыгар 105 чаастан ордук кэмҥэ дьуһуурунайдаан, бааһырбыт буойуттар этээстэринэн сылдьалларыгар көмөлөстүлэр. Смена кэмигэр баҕа өттүнэн кыттааччылар 98 ыарыһаҕы көрүстүлэр уонна 201 киһини эвакуациялыырга көмөлөстүлэр.

«Гуманитарнай миссия бэйэтэ — Арассыыйа инники кэскилигэр кылаат. Мин көмөлөспүт дьоммун махталлаах сирэйдэрин көрөн, салгыы көмөлөһөргө көҕүлээбитэ. Ордук кэлээскэнэн сылдьар байыаннай сулууспалаахха көмөлөспүппүн өйдөөн хааллым. Кини биһиэхэ кэлэҥҥит, көмөлөһөҕүт, тугу эрэ оҥороҕут диэн ис сүрэҕиттэн махтаммыта. Бу миигин да, уолаттары да улаханнык көҕүлээтэ», — диэн Саха сиринээҕи «Народнай фронт» ыччат хамсааһын кыттыылааҕа Георгий Явловский кэпсээтэ.

Эмиэ биир суолталаах хайысханан уобалас олохтоохторугар аадырыстаах көмө буолла. 2-с Сухая Неполка дэриэбинэҕэ баҕа өттүнэн кыттааччылар АБДЬ кыттыылааҕын огдооботугар Галина Маньшинаҕа көмөлөстүлэр: мас уонна талах кэртилэр, оту охсон, дьиэ таһын ыраастаатылар.

Буденовка дэриэбинэҕэ хамаанда Вера Костебеловаҕа, сэриигэ охтубут буойут ийэтигэр көмөлөстө. Дьахтар Народнай фроҥҥа сирин-уотун ыраастыырга уонна уолун уҥуоҕун таһыгар былаахтары уларытарга көрдөспүт. Баҕа өттүнэн кыттааччылар оту охсон, маһы хайытан, бөҕү таһаардылар.

«Народнай фронт ыччата кэлэн, дьиэ таһын ыраастыырга көмөлөстүлэр. Улахан махтал», — диэн олохтоох дьахтар махтанна.

Баҕа өттүнэн кыттааччылар тэҥинэн икки ыскылаакка үлэлээтилэр. Кинилэр аһылык нобуордарын оҥордулар, сэбилэниини наардаатылар, гуманитарнай таһаҕастары тиэйиигэ уонна сүөкээһиҥҥэ үлэлээтилэр. Миссия кэмигэр хамаанда 45,8 туонна аһы-үөлү наардаата уонна 8580 аһылык нобуорун оҥордо.

Инесса Николаеваҕа Курскай уобаласка айан — урут социальнай ситимнэргэ эрэ көрөр дьонугар көмөлөһөр кыаҕы биэрдэ.

«Кинилэр хайдах уустук усулуобуйаҕа олороллорун туһунан видеоҕа түбэстэхпинэ, ыарахан этэ. Мин ыраах, кэтэххэ, Дьокуускайга баарбын өйдөөн, дьоҥҥо кыра да буоллар көмөлөһүөхпүн баҕарбытым. Ордук госпитальга үлэ өйбөр хаалбыт. Мин бааһырбыт буойуттары көрбүтүм, кинилэри кытта кэпсэппитим, олохторо хайдах уларыйбытын туһунан истибитим. Бу элбэҕи эргитэ саныырга күһэйэр. Мин иккис гуманитарнай миссиябар сылдьабын, онон адаптация судургу этэ, уопуттаахпын», — диэн Саха сириттэн «Народнай фронт» ыччат хамсааһын кыттыылааҕа Инесса Николаева кэпсээтэ.

Смена Курскай сирин устуоруйатын кытта билсиһиинэн түмүктэннэ. Баҕа өттүнэн кыттааччылар Поныровтааҕы устуоруйа-ахтыы музейыгар уонна «Курскай кыргыһыы», «Курскай дуга» мемориальнай комплекстарга сылдьан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар сэбиэскэй буойуттар хорсун быһыыларын туһунан элбэҕи биллилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА