18 Сэтинньи 18.11
  • -39°
  • $ 82,45
  • € 90,81

Улуу Устюгтан Тымныы Оҕонньор Дьокуускайга Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун умата кэлиэҕэ

11:10, 18 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Тымныы Оҕонньор Улуу Устюгтан Дьокуускайга сэтинньи 30 күнүгэр кэлиэҕэ. Кини тымныыны харыстааччы Чысхаанныын Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун уматыахтара. Бу туһунан Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын култуура уонна духуобунай сайдыы салалтатын начаалынньыга Сардана Брызгалова «Саха» ГТРК «Куораты кытта быһа эфир» биэриигэ иһитиннэрдэ.

Санатар буоллахха, Тымныы Оҕонньор бу бэстибээлгэ бүтэһигин 2016 сыллаахха кэлэ сылдьыбыта, маҥнайгытын — 2011 сыллаахха.

Брызгалова этэринэн, Тымныы Оҕонньор куоракка биир аҥар күн кэриҥэ сылдьыаҕа. Кини сырыыта дьоҕус: оҕолору кытта көрсүөҕэ, куорат олохтоохторун кытта кэпсэтиэҕэ, оттон сүрүн сыала — ахсынньы 1 күнүгэр болуоссакка харыйа уотун уматыы, онно кинини көрүөн-истиэн баҕалаахтар бары кэлэн эҕэрдэлиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА