Сэтинньи 14 күнүгэр күнүс 10:16 чааска «Восточнай» космодромтан «Союз-2.1б» аракыата былаан быһыытынан этэҥҥэ көтүтүллүбүтэ. Аракыата чаастара түһэр сирдэринэн Алдан, Өлүөхүмэ, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустара ааттаммыттара диэн СӨ Гражданскай оборуонаҕа уонна нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр, суруйда Саха сирэ саайт.
Билигин Саха сиригэр аракыататтан быстыбыт чаастара түспүт сирдэригэр олохтоохторго куттала суох буолууну хааччыйыы, тобохторун көрдөөһүн үлэтэ көхтөөхтүк ыытыллар.

НИИ-СК Бүлүүтээҕи үлэлиир бөлөҕө СӨ Быыһыыр сулууспатын үлэһиттэрин кытары салгынтан көрөн, чинчийэн, аракыата тобохторун сорох чаастарын буллулар. Билиҥҥитэ көстүбүт тобохтору тыаттан тиэйэн таһаарыы үлэтэ саҕаланна.
Саха сиринээҕи РСЧС күүстэрэ уонна сириэстибэлэрэ штатнай эрэсииминэн үлэлииллэр. Сүрүн сорук — өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар куттала суох буолууну хааччыйыы уонна аракыата чаастара түспүт сирдэрин уталыппакка түргэнник ыраастааһын буолар.



