18 Сэтинньи 18.11
  • -37°
  • $ 82,45
  • € 90,81

Халлаан биллэ тымныйда, ол эрэн Тускул тугу билгэлиир?

12:02, 18 ноября
Хаартыска: УлусМедиа саайт
Читайте нас на
Бу күннэргэ Тиихэй акыйааҥҥа Эль-Ниньо диэн айылҕа көстүүтэ бэлиэтэнэн, Ураалга, Таймыырга, Забайкальеҕа, Магадааҥҥа уонна Саха сиригэр дьайыыта билиннэ. Онон быйылгы кыһыммыт сылаас буолара өссө төгүл бигэргэннэ, ону кытта кэлэр сайын эмиэ күүскэ итийэр чинчилээх. Үүммүт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр хайдах халлаан туруоҕай? Маны норуот синоптига Тарас Тарасов-Тускул “Саха” НКИХ биэриитигэр сэһэргээтэ, суруйда УлусМедиа саайт.

Илин эҥэр улуустарга бу бээтинсэҕэ уонна субуотаҕа (сэтинньи 20-21 күннэригэр) түүнүн -32, -33, күнүһүн -28, -29 кыраадыс буолар, сэтинньи 19-гар, 21-гэр хаардаах күннэр туруохтара. Киин улуустарга түүҥҥү өттүгэр -30, -35, күнүһүн -26, -27 кыраадыс, эмиэ чэппиэртэн субуотаҕа диэри хаардаах. Бүлүү эҥэргэ түүн -25, -26, күнүс -22, -23 буолуоҕа, нэдиэлэни быһа кыраһа хаардаах буолуоҕа.

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга сэтинньи 20-21 күннэригэр түүнүн -14, -15, күнүһүн -11, -12 кыраадыс күүтүллэр, күн аайы кыраһа хаардыыр. Өймөкөөҥҥө өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тымныы күннэр туралар: манна түүн -40, -41 кыраадыска тиийэ тымныйыа, күнүһүн -36, -39, оптуорунньукка кыраһа.

Дьааҥы эҥэр улуустарга түүнүн -35, -36 диэри тымныйар, күнүһүн -33, -34 буолар, хаар суох. Халыма, Индигиир улуустарыгар түүнүн -35, -36, күнүһүн -33, -34 буолара сабаҕаланар, хаар кэмчи. Арҕаа Арктика улуустарыгар бээтинсэҕэ, субуотаҕа түүҥҥү уонна күнүскү өттүгэр тэҥинэн -26, -27 кыраадыс күүтүллэр, сэтинньи 19-21 күннэригэр кыраһа хаардаах.

Көстөрүн курдук, халлаан үгүс улуустарга ааспыт нэдиэлэттэн уонча кэрдиинэн тымныйбыт, ол эрэн хаар суоҕун кэриэтэ. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ (сэтинньи 16-17 күннэригэр) 4 бааллаах күн эстиилэрэ баалларын Тускул сэрэтэр, онон ити икки күн аргыый аҕай сылдьарга, харыстанарга ыҥырар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА