18 Сэтинньи 18.11
  • -36°
  • $ 82,45
  • € 90,81

Саха сирэ оттук сезонугар бэлэмэ 98% тэҥнэстэ

12:59, 18 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Ростехнадзор Ленскэйдээҕи управлениетын бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, Саха сирэ 2026–2027 сыллардааҕы оттук кэмигэр бэлэмэ ортотунан 98% буолла. Бу туһунан sakha.gov.ru иһитиннэрдэ.

Сэтинньи 13 күнүгэр диэри бэрэбиэркэни ааспыт 45 муниципалитет уонна куораттар бэлэмнээх буолуу пааспарын ыллылар. Бастакы сыанабыл алтынньы 1 күнүттэн 30 күнүгэр диэри ыытыллыбыта. Ол түмүгэр пааспардары Дьокуускай уонна Орто Халыма улууһа ылбыттара. Атын муниципалитеттарга бэлиэтээһиннэрдээх аакталары ыыппыттара.

Бырабыыталыстыба хамыыһыйата итилэри туоратыыны сүрүннээбитэ уонна муниципалитеттар баһылыктарын, кэтээн көрөр уорганнар бэрэстэбиитэллэрин кытта мунньахтары ыыппыта. Иккис бэрэбиэркэ сэтинньи 2 күнүгэр саҕаламмыта. Сыаналааһын түмүгүнэн «Бэлэм, усулуобуйалаах» диэн статустары Нерюнгри куорат, Нерюнгри оройуонаа уонна Уус-Майа улууһа ылбыттара.

Нерюнгрига уонна Нерюнгри оройуонугар маннык статуска балаҕан ыйыгар Нерюнгритааҕы ГРЭС-кэ технологическай кэһиилэр баалларын кытта сибээстээх. Арассыыйа Энергетикаҕа министиэристибэтин туспа бэрэбиэркэтин түмүгэр ыстаансыйа эмиэ усулуобуйалаах бэлэмнээх буолуу пааспарын ылбыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова