19 Сэтинньи 19.11
  • -33°
  • $ 82,23
  • € 90,36

Чурапчыга буолбут “Идэһэ-2026” дьаарбаҥка туһунан хаартысканан кэпсиибит

13:06, 19 ноября
Хаартыска: Сэмэн Жендринскэй
Читайте нас на
Сэтинньи 19 күнүгэр Чурапчы сэлиэнньэтин Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар сылын аайы ыытыллар, дьон-сэргэ кыһыҥҥы аһын хаһаанар үгэскэ кубулуйбут “Идэһэ-2026” атыы-эргиэн дьаарбаҥката буола турар.

Сарыарда 10 чаастан саҕалаан успуорт уораҕайын аттынааҕы былаһааккаҕа улууспут тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэрэ, бааһынай, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон, агрооскуолалар бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын: сибиэһэй убаһа, ынах эттэрин, сир аһын эгэлгэтин, ыҥырыа мүөтүн, “Рыба-Ас” оҥорон таһаарбыт аһа-үөлэ, ыыһаммыт эт, халбаһыы уо.д.а ас көрүҥнэрин атыылаатылар.

                                                  

Эбиэттэн киэһэ 14 чаастан Иван Винокуров аатынан оройуоннааҕы “Айылгы” НАДь-гэр улууспут Тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин үөрүүлээх чааска эҕэрдэлээһин сиэрэ-туома ыытыллыаҕа.

Ааптар: Сэмэн Жендринскэй

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА