19 Сэтинньи 19.11
  • -33°
  • $ 82,23
  • € 90,36

Төрүт үгэһи түмэр: ЯНАО-ҕа «Арктика тыына» IX бэстибээл түмүктэрин таһаардылар

12:13, 19 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

ЯНАО-ҕа «Арктика тыына» диэн IX Арассыыйатааҕы ускуустуба бэстибээлэ түмүктэннэ. Бу тэрээһин сыл аайы «Газпромнефть-Ямал» хампаанньа «Газпром ньиэп» социальнай инвестициялар «Төрүт куораттар» бырагырааматын уонна Ямал оройуонун дьаһалтатын өйөбүллэринэн Ямал ыраах бөһүөлэктэригэр Мыс Каменнайга уонна Новай Портка ыытыллар.

Быйыл бэстибээлгэ Калининградтан Камчаткаҕа диэри 1000 кэриҥэ сайаапка киирдэ — соҕотох толорооччулартан уонна кэлэктииптэртэн. Куонкурус бырагыраамата 11 номинацияны хабар: вокал, хореография, инструменнарынан толоруу, хаартыска, прикладной ускуустуба уонна этнос муодата.

Новай Портка уонна Мыс Каменнайга кыттааччыларга биир нэдиэлэ устата айар лабораториялар уонна маастар-кылаастар ыытылыннылар. Эдэр талааннары кытта Москваттан, Тюменьтан уонна Ямалтан биллэр эспиэрдэр үлэлээтилэр. Бииргэ айыллыбыт үлэлэр түмүктэринэн — ураты таҥас кэлиэксийэтэ, уҥуохтан оҥоһуктар уонна түмүктүүр кэнсиэргэ виртуознай нүөмэрдэр.

Гала-шоу сүрүн кульминациятынан бэстибээл хедлайнера — «Казаки делают хиты» бөлөх кэнсиэрэ буолла, кинилэр таптыыр ырыалары уоттаах-күөстээх аранжировкаларынан толордулар.

«Биһиги маннык бырайыактар сүрүн сыаннастарын кинилэр чопчу нэһилиэнньэлээх пууннар уонна дьон олоҕун уларыталларыгар көрөбүт. Ямал ыраах муннугуттан оҕо Москва курдук улахан куораттар настаабынньыктарыттан үөрэннэҕинэ, кини бэйэтин кыахтарын уонна инникитин туһунан олох атын өйдөбүллэнэр», — диэн «Газпромнефть-Ямал» генеральнай дириэктэри солбуйааччы Евгений Захаров бэлиэтээтэ.

Бэстибээл чэрчитинэн хампаанньа граан күрэҕин кыайыылаахтарын бырайыактара олоххо киирдилэр. Ол курдук, бөһүөлэк олохтоохторо уонна ыалдьыттара «Буфф» диэн куукула тыйаатырын этно-фьюжен жанра туруорууларын көрдүлэр, ону тэҥэ «Национальнай үгэстэр дьиэлэригэр» сылдьан Хотугу төрүт омуктар култуурунай нэһилиэстибэлэрин кытта билистилэр. Бу көҕүлээһиннэр бырааһынньык тыынын ситэрэн биэрдилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА