19 Сэтинньи 19.11
  • -35°
  • $ 82,23
  • € 90,36

Саха сиригэр Ан-24 солбуйа алта саҥа Ил-114-300 сөмөлүөт кэлиэҕэ

10:03, 19 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Тырааныспар нэдиэлэтигэр «С.В. Ильюшин аатынан АК» (АО «Ил») уонна «Полярные авиалинии» авиахампаанньа икки ардыларыгар алта аныгы Арассыыйа Ил-114-300 сөмөлүөтү 2029–2030 сылларга тиэрдии туһунан дуогабарга илии баттаммытын туһунан иһитиннэрдэ.

«Бу Саха сиринээҕи салгын тырааныспарын эйгэтигэр улахан суолталаах түгэн. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойдуга саҥа көлүөнэ салгын суудуналара кэлэр бастакы эрэгийиэннэртэн биирдэстэрэ буолуоҕа. Биһиэхэ бу өр кэтэһиллибит авиапарканы саҥардыы, мантан нэһилиэнньэлээх пууннарга тырааныспар тиийимтиэтэ улахан тутулуктаах. Ил-114-300 Саха сирин усулуобуйатыгар тургутууну ааспыта. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, киэҥ кээмэйдээх сиргэ-уокка уонна уустук тиийимтиэлээх нэһилиэнньэлээх пууннарга, эрэллээх салгын сибээһэ ураты суолталаах. Саҥа сөмөлүөттэр көтүү кутталын суох оҥорууну, табыгастаах буолууну уонна көтүү көдьүүһүн биллэ үрдэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Саха сирин олохтоохторугар улахан суолталаах үлэлэрин иһин дойду авиасэрэдэтин оҥорооччуларга махтанабын», — диэн Николаев бэйэтин социальнай ситимнэригэр иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА