18 Сэтинньи 18.11
  • -37°
  • $ 82,45
  • € 90,81

«Делаю для мира» бириэмийэҕэ сайаапкалары туталлар

18:03, 18 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

2026 сылга «Делаю для мира» бириэмийэ Иркутскай уобалаһын тас өттүгэр тахсан, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы буолар. Бириэмийэҕэ наҕараадаҕа тиксиэн баҕалаахтар Приангарье олохтоохторо эрэ буолбакка, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин, Забайкальскай кыраай уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо эмиэ сайаапка биэриэхтэрин сөп. Байкальскай баан — бириэмийэ партнера.

«Делаю для мира» уопсастыбаннай экологическай бириэмийэҕэ кыттыыга сайаапкалары Бурятия Өрөспүүбүлүкэтигэр, Забайкальскай кыраайга уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 22 күнүгэр диэри уһаттылар.

«Делаю для мирар» бириэмийэ — бу тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа уһулуччу ситиһиилэри уопсастыба билиниитэ. Наҕараада куорат уонна эрэгийиэн экологиятын тупсарыыга туһуламмыт дьиҥнээх дьайыылар иһин, ону тэҥэ айылҕаны харыстааһыҥҥа тус кылаат иһин туттарыллар.

Кыайыылаахтары наҕараадалааһын үөрүүлээх сиэрэ-туома ахсынньы 11 күнүгэр кыттааччы эрэгийиэҥҥэ ыытыллыаҕа. Кыайыылаахтары бириистэр күүтэллэр. Ону таһынан, бары номинаннар уонна кыайыылаахтар ортолоругар анал бириис оонньонуоҕа — бириэмийэҕэ кыттар түөрт эрэгийиэнтэн бииригэр икки күннээх тур.

Кыттыы усулуобуйатын уонна сайаапканы суруйууну бу сигэнэн киирэн көрүөххэ сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова