«Сахамедиа» медиа-кииҥҥэ Кытайга ыытыллыбыт эр дьоҥҥо аналлаах бокс аһаҕас аан дойдутааҕы турнирын уонна Universal Boxing Organization (UBO) версиятынан профессиональнай бокска аан дойду чемпионун аатын иһин титульнай киирсии түмүктэринэн пресс-конференция буолан ааста. Эһиги болҕомтоҕутугар трансляцияны таһаарабыт диэн суруйда ЯСИА.
Видеону манна киирэн көр.
Саха сирин боксера Петр Васильев Universal Boxing Organization (UBO) версиятынан профессиональнай бокска бастакы орто ыйааһыҥҥа (69,9 кг диэри) аан дойду чемпионун вакантнай курун ылла. Кини Саха сирин устуоруйатыгар аан бастакынан профессионаллар ортолоругар аан дойду чемпиона буолла. Васильев утарылаһааччытынан Таилантан боксер Нонтхават Чайсаарт буолла. 12 раундтаах киирсии иккис раунун ортотугар Петр быарга табатык охсон, утарылаһааччыта салгыы киирсэр кыаҕа суох буолбута. China International Boxing Open 2026 күрэхтэһиилэр Кытай Цзуньи куоратыгар Арассыыйа, Кытай, Куба уонна Таиланд курдук 8 дойдуттан дэлэгээссийэлэр кыттыылаах ыытылыннылар. Арассыыйа хамаандата турнирга үс мэтээли ылбытыттан, иккитин Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ аҕаллылар.



