19 Сэтинньи 19.11
  • -33°
  • $ 82,23
  • € 90,36

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү: Дьокуускайга Федерация Сэбиэтин кытта сүбэ мунньах буолла

14:08, 19 ноября
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Сэтинньи 18 күнүгэр Дьокуускайга Федерация Сэбиэтин федеративнай тутулга, эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох бэйэни салайыныыга уонна Хотугу сир дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Шевченко саахалланар туруктаах олорор дьиэлэртэн дьону көһөрүү хаамыытын туһунан сүбэ мунньаҕы ыытта, суруйда Саха сирэ саайт.

Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев уонна Саха сириттэн сенатор Сахамин Афанасьев кыттыыны ыллылар. Мунньахха киин куоракка быйыл дьону көһөрүү былаана уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама салгыы түһүмэхтэрэ ырытылыннылар.

Дьокуускайга 2026 сыл бүтүөр диэри Некрасов, Халтурин уонна Чкалов уулуссаларыгар баар биэс саахалланар дьиэни көһөрөр былааннаахтар. «Звездный» микрооройуоҥҥа саҥа тутуллубут элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үлэҕэ киирдэхтэринэ, куоракка өссө 48 кыбартыыра туттарыллыаҕа. Онон дьиэҕэ наадыйар ыаллар Саҥа дьылы саҥа кыбартыыраҕа көрсөр кыахтаналлар.

«Бүгүҥҥү сүрүн сорук — бэйэбитигэр ылбыт эбээһинэспитин барытын чуолкайдык толоруу. Бастатан туран, бу сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри көһөрүү туһунан кэпсэтии барар. Дьиэлэр бэлэмнэрэ олус үрдүк, үгүс ыал көһөргө сөбүлэҥин биэрдэ. Билигин дьиэлэри тутан бүтэрэн, дьон Саҥа дьылы саҥа дьиэҕэ үөрэ-көтө көрсөрүн ситиһиэххэ наада», — диэн сенатор Андрей Шевченко эттэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков бэлиэтээбитинэн, дьону саахалланар дьиэттэн көһөрүү кээмэйинэн Саха сирэ Арассыыйаҕа бастыҥ үс эрэгийиэн кэккэтигэр киирэр.

2019–2026 сыллардааҕы түһүмэх чэрчитинэн 1 мөл. тахса квадратнай миэтэрэ саахалланар туруктаах дьиэттэн 55 тыһыынчаттан тахса киһи көһөрүлүннэ. Бырагыраама аныгыскы түһүмэҕэр өссө 8,66 тыһыынча киһи (160 тыһ. кв. миэтэрэ) саҥа дьиэнэн хааччыллыахтаах. Бу улахан соруктары толорууга Федерация Сэбиэтин өйөбүлэ улахан суолталаах.

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев өрөспүүбүлүкэ 2025 сыллааҕы сокуон барылыгар көҕүлээһинэ федеральнай таһымҥа өйөбүлү ылбытын ахтан ааста. Бу көҕүлээһин түмүгэр 2017 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри саахалланар дьиэ быһыытынан учуокка туран, бырааптарын туһанан кыайан көспөккө хаалбыт 2 тыһыынчаҕа чугаһыыр ыал салгыы бырагыраамаҕа киирэр кыахтаннылар:

«Федеральнай Мунньах биһиги көҕүлээһиммитин өйөөтө. Маннык бииргэ үлэлээһин түмүгэр 2028 сылга диэри учуокка турбут ыаллары барыларын сылаас, үчүгэй хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыахтаахпыт. Бу субъект уонна федеральнай киин ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрин чаҕылхай холобура буолар», — диэтэ Ил Түмэн спикерэ.

2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланарынан билиниллибит дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын болдьоҕо 2028 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри уһатылынна.

  • 2026 сылга 116,44 тыһ. кв. м иэннээх дьиэттэн дьону көһөрүү саҕаланна (2027 сыл бүтүөр диэри түмүктэниэхтээх).
  • 2027 сылга ордубут 10,4 тыһ. кв. м көһөрүллэн саҕалыаҕа уонна 2028 сыл балаҕан ыйыгар диэри түмүктэниэҕэ.

Уопсайа өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан 59,69 тыһыынча киһини көһөрүү көрүллэр, бу сыалга 116,76 млрд солкуобай үп-харчы туһаныллар. Маны таһынан Сири-уотубиир кэлимник сайыннарыы (КРТ) мэхэньиисиминэн өссө 346 саахалланар дьиэттэн (170,32 тыһ. кв. м) олохтоохтору көһөрөр 20 бырайыак олоххо киирэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА