19 Сэтинньи 19.11
  • -33°
  • $ 82,23
  • € 90,36

2027 сылга Ийэ хапытаала аан бастаан 1 мөлүйүөн солкуобайы куоһарыаҕа

15:59, 19 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

2027 сылга Ийэ хапытаала аан бастаан биир мөлүйүөн солкуобайы куоһарыаҕа. Бу туһунан РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Бэрэсидьиэн сорудаҕынан төлөбүр олунньу 1 күнүттэн ааспыт сыллааҕы дьиҥнээх инфляция таһымынан индексацияланар — 6,8% буолуо диэн сабаҕаланарын, биэдэмистибэ пресс-сулууспата бэлиэтиир.

Ол курдук, Ийэ хапытаалын кээмэйэ бастакы оҕоҕо 778,5 тыһ. солкуобай, оттон иккис оҕоҕо 1,028 мөл. солкуобайтан тахса буолуоҕа, өскөтүн дьиэ кэргэн бастакы оҕоҕо төлөбүрү ылбатах буоллаҕына.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА