19 Сэтинньи 19.11
  • -35°
  • $ 82,23
  • € 90,36

Афанасий Ноев Саха сиригэр Култуура сылын түмүктүүр тэрээһиннэрин туһунан кэпсээтэ

18:08, 19 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Бүгүн «Сахамедиа» медиа-кииҥҥэ пресс-конференция кэмигэр өрөспүүбүлүкэ култуураҕа миниистирэ Афанасий Ноев Култуура сылын түмүктүүр тэрээһиннэрин бырагырааматын билиһиннэрдэ.

Култуура миниистирэ сэтинньигэ уонна ахсынньыга былааннаммыт култуура тэрээһиннэрин иһитиннэрдэ. Олор истэригэр — «Аида» уонна «Нить надежды» испэктээктэр премьералара, «Желанный берегл» норуоттар икки ардыларынааҕы тыйаатыр бэстибээлин аһыллыыта уонна Худуоһунньуктар сойуустарын үбүлүөйдээх быыстапката. Ону таһынан, Горнай-Алтайскайтан П.В. Кучияк аатынан Национальнай драма тыйаатырын, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын гостуруоллара, Хомус күнэ, «Үрүҥ тугутчаан» оҕо-ыччат бэстибээлэ, ону тэҥэ «Наше наследие» көрүү-күрэс финала ыытыллыахтара. Үгэс быһыытынан Олоҥхо декадатын үөрүүлээхтик аһыы уонна ыытыы буолуоҕа.

«Саха сиригэр Култуура сылын түмүктүүр тэрээһиннэрбитин өрөспүүбүлүкэбит бары олохтоохторун кытыннаран ыытабыт. Хас биирдии улуус култуура тэрилтэлэрэ үрдүк таһымнаахтык уонна айымньылаахтык тэринэн кытталлар. Арассыыйа култуураҕа министиэристибэтин өйөбүлүнэн Саха сирин норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин ыыттыбыт, онно киинэ кириитиктэрэ, режиссердара уонна киинэ индустриятын исписэлиистэрэ кэлэн кытыннылар.

Олох сотору Олоҥхо декадатын саҕалыыбыт. Быйылгы декада уратыта диэн, тэрээһин чэрчитинэн 10 испэктээк туруоҕа. Ону тэҥэ I өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхоһуттар күрэстэрин түмүктүүр түһүмэҕэ ыытыллыаҕа. Финалга тоҕус бастыҥ кыттааччы талылынна. Ахсынньыга Муусука үрдүкү оскуолатын саҥа куорпуһун аһыллыыта уонна Култуура сылын үөрүүлээхтик сабыы сиэрэ-туома ыытыллыаҕа», — диэтэ Афанасий Ноев.

Пресс-конференция кэмигэр Култуура сылын түмүктээһининэн сибээстээн, Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ольга Скорикова, Арассыыйа тыйаатырдарын уопсастыбатын эрэгийиэннээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Иван Иванов, ону тэҥэ Аан дойду хомуһун түмэлин уонна киинин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов бэйэлэрин тэрилтэлэрин былааннарын үллэһиннилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА