Одьулуун нэһилиэгэр «Комплекс» хаһаайыстыба 120 төбөҕө анаммыт хотону үлэҕэ киллэрдэ, Хоптоҕо нэһилиэгэр бааһынай Иван Сергеев — 80 төбөҕө аналлаах хотону. Бу туһунан Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Комплекс» хаһаайыстыбаҕа сайын аайы оскуола оҕолоро үлэлииллэр. Дьоро күҥҥэ көхтөөхтүк көмөлөспүттэргэ махтал суруктар туттарылыннылар.
Хоптоҕо нэһилиэгэр бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Иван Сергеев үлэһиттэригэр уонна тутааччыларга ньирэйдэргэ сэртипикээттэри туттарда, ону тэҥэ ыалдьыбыт ынаҕы көрбүт-истибит оҕолорго харчынан бириэмийэлэри анаата.
Эбийиэктэр кыра кыамталаах эбийиэктэри тутуу бырагырааматынан уонна дьиэ кэргэн бааһынай хаһаайыстыбаларын сайыннарыы гранын суотугар тутулуннулар.



