“Саха сүөһүтүн илэ көрөр баҕаттан бу дьыл сэтинньи 9 күнүгэр Маалыкайбыттан Акана Чкаловкатыгар бара сырыттым. Учаастакка тиийэрбэр “Акана” отделение управляющайа Андрей Игнатьев хаһаайыстыбатын дьаһайа сылдьара. Кинилиин үлэһиттэр олорор дьиэлэригэр киирэн, сэһэргэстибит.

Хаартыска: УлусМедиа саайт
Мин өссө эдэр сырыттахпына эстибит төрүт сүөһүбүтүн Чкаловка олохтооһуҥҥа элбэх киһи үлэлээбит. Ньурбалар Ил Түмэҥҥэ дьокутааппыт Юрий Николаев үбүгэр-харчытыгар көмөлөспүт. Саха сүөһүтүн элбэтэр туһунан дьаһал тахсыбытын кэннэ Александр Артемьев салайар “Саха сүөһүтэ” тэрилтэтиттэн Хатыы Улахан Күөлүн кэлэн көрө сылдьыбыттар. Ол эрээри, суола суоҕун уонна ыраах сытарын иһин, Чкаловы талбыттар. Улахан Күөлгэ айанныырга өссө өрүс туорааһыннаах. Сүөһү кэлиэн иннинэ Олег Марков Чкаловка тиийэн, ханна хотон уонна дьиэ туруохтаахтарын барытын быһааран кэбиспит. Саха сүөһүтэ тэнийэригэр ис сүрэҕиттэн дьаныһан үлэлээбит О.П. Марков аатын Чкаловтааҕы пиэрмэҕэ иҥэрбиттэр.
Владислав Торохов салайааччылаах “Интехстрой” тэрилтэ хотону кылгас кэмҥэ тутан, 2020 с. ахсынньыга сүөһүлэрин аҕалан киллэрбиттэр. Тутуу матырыйаала балаҕан ыйыгар уунан кэлбит. Тутуу үлэтэ ыытылларыгар Акана нэһилиэгин баһылыга Ефрем Михайлович Семенов улаханнык көмөлөспүтүн Андрей Владимирович махтана ахтар.
Бастаан 50 сүөһүнү Маҥырастан (Куорунай), Таастаахтан (Нам) уонна Амматтан илдьибиттэр. Саас эбии 20 төбөнү аҕалбыттар. “Акана”-лар саха сүөһүтүн ууһатан, атыылаан, тэнитэр-элбэтэр соруктаахтар. Билиҥҥи туругунан, 127 төбөлөөхтөр, ол иһигэр ынаҕа – 48. Уоннааҕылара борооскулар, тыһаҕастар, 7 атыыр оҕустаахтар, сорохторун эккэ өлөрөн, үлэһиттэригэр сыана аҥаарыгар биэрбиттэр, ордугун атыыга таһаарбыттар.
Кэҥкэмэҕэ олорор учуонай А.И. Чомчоев саха сүөһүтүн этинэн-үүтүнэн аһаан, ыарахан ыарыыттан эмтэнэн үтүөрбүтүн тэлэбиидэнньэ биэриитигэр кэпсээбитин кэнниттэн саха сүөһүтүн этин атыылаһар киһи элбээбит. Дьиҥинэн, төрүт сүөһүбүт бородууксуйата олус туһалааҕын билбэппит, ол иһин букатын баардылаабаппыт. “Этэ-үүтэ кэмчи буолан, иитэргэ ночооттоох” диэн өйдөбүл олохсуйан хаалбыт. Саха сүөһүтэ кыра аһылыктаах, талымаһа суох, сайыҥҥы мэччирэҥҥэ түргэнник уойар, ыарыыга ылларбат, ол аата бэтэринээр көрүүтүн, эми-тому эрэйбэт. Үүтүн сыата үрдүк буолан, арыы астаныллар бырыһыана элбэх. Ити барытын суотугар көдьүүһэ суох диир олоҕо суох. Өбүгэ саҕаттан көрөн-харайан, баччаҕа диэри илдьэ кэлбит күндү баайбыт буоларын мантан антах өйдөөн, харыстабыллаахтык көрөн-харайан, ахсаанын уонна бородууксуйатын элбэтэн, эппитин-хааммытын бөҕөргөтүөхтээхпит. Ордук кэскиллээҕэ – кэнчээри ыччаппыт төрүт сүөһүбүтүн салгыы иитэн, чэгиэн-чэбдик олохтонон, саха буолан сандаарыахтаах.
“Акана” отделениеҕа кэргэннии Акулина уонна Алексей Шариннар 2024 с. уонна Виталий Константинов 2020 с. үлэлии сылдьаллар. Кинилэр саха сүөһүтэ элбииригэр ис сүрэхтэриттэн баҕаран туран үлэлииллэр эбит дии санаатым. Эрдэ эдэр дьон саҥа үлэлээн иһэн баран хаалалларын Андрей Владимирович кэпсээтэ. Тута саҥа дьиэ тутан биэрбиттэр. Маҥнай кыра дьиэни туппуттар, онтон кэлин салҕаабыттар. Онон тус-туспа утуйар, сынньанар уонна аһыыр хостоохтор. Дьиэ сылаас, сырдык.
Хотонноро улахан баҕайы, эмиэ сырдык. Аныгы матырыйаалынан туппуттар. Ол эрээри сииктээх соҕус. Эбии бородууһуна оҥоруохха наада быһыылаах. Сииктээҕэ сүөһүгэ соччото суох. Биһиги тиийэрбитигэр таһырдьа сүөһүлэр аһаан бүтэн, тотон, наҕыл баҕайытык кэбинэ тураллара. Борооскулар эмиэ аһаан бүппүттэр этэ. Кыбыыга урулуоннаах от элбэх. Ынахтар бары баайыллаллар, таһырдьа аһыыллар, уулууллар.
Отделение үлэһиттэрэ сайын бэйэлэрэ оттууллар. Тиэхиньикэлэрэ толору баар. Ынахтарын саас 2,5 ый ыан баран, оттуу барыахтарын иннинэ ньирэйдэрин кытта сиргэ ыыталлар эбит. Ньирэйдэр сайыны быһа ийэлэрин эмпит буоланнар, чиргэл көрүҥнээхтэр. Сайылыктара эргиччи бүтэйдэммит. Оттуур сирдээхтэр эрээри, ардыгар Үөдэйгэ баран оттууллар эбит. Биир төбөҕө кыстык устата 2 туонна от сөп буолар. Саха сүөһүтэ кыһыннары таһырдьа сылдьар уонна сүрүн аһылыга от буоллаҕына, кини аһа-үөлэ бэйэтин хаачыстыбатын сүтэрбэтин туһугар уотурбаны кыратык тутталлар.
Сүөһүлэр чычаас баҕайылар, мин биир Долгунча диэн ынаҕы имэрийдим, муоһуттан тутан турдахпына хаартыскаҕа түһэрдилэр. Биир атыыр оҕуһу үлэһиттэрэ муоһуттан тутан, эргэ хотонтон таһаарда. Оҕус киһи курдук хараҕын үрдүнэн хаастаах. Ол иһин Хаастаах диэн ааттаабыттар, бэлиэ аҕа баһылык эбит. Сайыны быһа кыыл сылдьан баран, күһүн кэлэн, хотонноругар холкутук киирэллэр үһү. Майгылара ол курдук сымнаҕас.
Таркаайы уонна Акана олохтоохторо бэйэлэрэ эмиэ саха сүөһүтүн атыылаһан ииттибэттэр эбит. Бэйэлээх бэйэбит сүөһүбүтүн итиччэ кэлэн биэрбитин аанньа ахтан туһаммакка сылдьарбыт сүрдээх. Быйыл Аканаҕа 3 ыал сүөһүтүн эспит. Малдьаҕар, Бордоҥ, Мэҥэдьэк нэһилиэктэрэ сүөһүлэрин аҕыйаппатахтар. Ол гынан баран, урукку сэбиэскэй саҕанааҕы сүөһү ахсаанын үстэн биирин нэһиилэ тутан олоробут.
Мин эдэрбэр сүөһүлэнэн, 70 сааспар диэри туппутум, сүрэҕим мөлтөөн эспитим. Өссө оҕонньорум сайылык туппута. Онно билиҥҥэ диэри сайылыыбыт, оҕуруот аһын үүннэрэбит. Оҕонньор онно кыстаан, сылгытын көрөр этэ. Онтон 80 сааһын ааһан, мөлтөөн, биир биэни хаалларан, далга көрөн туруорар. Сүөһүтэ, сылгыта суох илии тоһуйан олорор соччото суох даҕаны буоллар, хайыахпытый, саас баран иһэр…
Билигин нэһилиэк аайы сүөһү ахсаан өттүнэн аҕыйыы турара кистэл буолбатах. Сопхуос саҕана оҥоһуллубут бааһына, ходуһа сирдэр быраҕылланнар, дулҕаҕа, талахха былдьаннылар. Кыра сирдээх, элбэх дьонноох судаарыстыбалар олохтоохторо биһиги сирбитин көрө-көрө силлэрин быһа ыйысталлар. Тымныытыттан саллаллар эрээри, онон-манан быгыалыах курдуктар. Киирдэхтэринэ, үүрүллүбүппүтүн билбэккэ даҕаны хаалыахпытын сөп. Маннык балаһыанньаны таба өйдөөн, эдэр уонна орто саастаах дьон куорат таас уораҕайдарыттан араҕан, сир ылан, сүөһү-сылгы ииттэхтэринэ эрэ омук-норуот быһыытынан салгыы сайдар кыахтаахпыт.
Сахам дьоно, туохха даҕаны тэҥнэммэт төрүт сүөһүбүтүн дэлэччи иитэн, бородууксуйатын аһаан, чиргэл эттээх-хааннаах буолуҥ! Урут саха сүөһүтүн кыаҕын билбэт этибит, онон ииппэтэхпит. Абалаах, эдэрим буоллар, булгуччу атыылаһан, ииттиэм этэ. Эһиги, эдэрдэр, ииттиэххит диэн эрэнэбин. Саха сүөһүтүн иитэр 8 улууска баар тирэх хаһаайыстыбалар үлэлэрэ таһаарыылаах, ситиһиилээх буоларыгар алгыыбын”.
Ааптар: Василий Никифоров, УлусМедиа саайт




