20 Сэтинньи 20.11
  • -37°
  • $ 81,93
  • € 89,86

Дьокуускайга Дмитрий Коркин турнирыгар 12 дойду бөҕөстөрө киирсиэхтэрэ

09:53, 20 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Дьокуускайга Дмитрий Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии кыттыылаахтарын мандатнай хамыыһыйата уонна сэрэбиэйдэһиилэрэ бэҕэһээ киэһэ түмүктэннэ. Сэтинньи 20-21 күннэригэр көбүөргэ 12 дойдуттан кыттааччылар мустуохтара диэн ЯСИА иһитиннэрэр.

Мэтээллэри Австралия, Азербайджан, Афганистан, Беларусь, Греция, Кыргызстан, Македония, Монголия, Таджикистан, Соҕуруу Корея, Япония тустууктара былдьаһыахтара.

Арассыыйа эрэгийиэннэрин бэрэстэбиитэллэрэ киирсиэхтэрэ: Саха сирэ, Бурятия, Тыва, Крым, Адыгея, Хотугу Осетия — Алания, Красноярскай, Ставропольскай кыраайдар, Иркутскай, Новосибирскай, Смоленскай, Московскай, Запорожскай, Кемеровскай уобаластар, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук.

Күрэхтэһии ытык ыалдьыттарынан Олимпиада кыайыылааҕа, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэрэ Хаджимурат Гацалов, аан дойду чөмпүйүөнэ Кота Такахаши, үс Олимпиада кыттыылааҕа Баяраа Наранбаатар, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын тириэньэрдэр ыстааптарын чилиэнэ Хаджимурат Ибрагимов буолуохтара.

Мэтээллэр уон ыйааһын категориятыгар быһаарыллыахтара. Ону таһынан турнир бастыҥ көҥүл тустуугар үгэс быһыытынан боруонса борцовка туттарыллыаҕа.

Санатар буоллахха, быйыл Дмитрий Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир Монреалга буолбут Олимпиадаҕа саха уолаттарын кыайыыларын 50 сылыгар ананар. Оччолорго Павел Пинигин кыһыл көмүһү, оттон Роман Дмитриев уонна Александр Иванов үрүҥ көмүһү ылбыттара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА