«Ирбэт тоҥ алыптаах көстүүтэ» диэн тиэмэлээх муус композициялар Саха сирин киин куоратын — Дьокуускай — олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Өрөспүүбүлүкэ болуоссатыгар сааскыга диэри үөрдүөхтэрэ. Куорат дьүһүнүн өрөспүүбүлүкэтээҕи муус скульптуралар куонкурустарыгар кыттыбыт улуустартан уонна куораттартан кэлбит аҕыс хамаанда тупсарда, диэн ЯСИА иһитиннэрэр.
Бастакы миэстэни Дьокуускайтан «Лэкээ» хамаанда «Суол» диэн композициянан ылла. Иккис миэстэҕэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан улуустарыттан «Көмүс кынаттар» хамаанда «Уһуктуу» диэн үлэтинэн таҕыста. Үһүс миэстэни Ньурба улууһуттан «Өҥөлдьө» хамаанда «Аан Алахчын хотун» диэн композициянан ылла.
Маны таһынан анал номинациялар туттарылыннылар: «Бастыҥ уус-уран айымньыны оҥорон таһаарыы» — «Хапсыр» хамаанда (Бүлүү уонна Анаабыр улуустара), «Бастыҥ дэтээллэри оҥоруу» — «Боотурдар» хамаанда (Томпо, Нам улуустара), «Тиэмэни бастыҥ арыйыы» — «Дьулуур» хамаанда (Дьокуускай), «Төрүт үгэс тыына» — «Дэгиттэр» хамаанда (Уус Алдан уонна Өлүөхүмэ улуустара). Кыайыылаахтар уонна номинаннар өйдөбүнньүк дипломнарынан уонна харчынан наҕараадаланнылар.
Үлэ икки күнүн иһигэр скульптуралар олус дьоһуннаах буолан таҕыстылар. Куонкурус сүрүн успуонсара — «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа.



