20 Сэтинньи 20.11
  • -34°
  • $ 81,93
  • € 89,86

Мас-рестлинг аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтигэр 50-тан тахса дойду кыттыаҕа

13:01, 20 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Казань куоракка ыытыллар мас-рестлинг аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ кыттааччыларын ахсаанынан рекорд олохтуур кыахтаах. Билиҥҥи туругунан, күрэхтэһиигэ 50-тан тахса дойдуттан кыттыахтара. Бу туһунан «Саха» НКИХ «Тайм-аут» биэриитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай көрүҥнэрин киинин дириэктэрэ, Саха сирин норуодунай дьокутаата Геннадий Васильев кэпсээтэ, диэн ЯСИА суруйар.

«VIII аан дойдутааҕы чөмпүйэнээт сэтинньи 27-29 күннэригэр Татарстаанҥа ыытыллыаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ 50-тан тахса дойду кыттарын бигэргэттэ. Билигин сорохтор визанан сибээстээх боппуруостары быһаара сылдьаллар, 53-54 судаарыстыбаттан спортсменнары кэтэһэбит. Инники аан дойду чөмпүйэнээттэрин кытта тэҥнээтэххэ, бу рекорднай көрдөрүү», — диэн Геннадий Васильев бэлиэтээтэ.

Саха национальнай көрүҥэр улахан күрэхтэһии Арассыыйа успуордун министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллыаҕа. Тэрээһин ыытыллар сиринэн «Ак Барс» диэн ааттаах-суоллаах арена буолуоҕа.

Санатар буоллахха, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар тоҕус саха спортсмена киирдэ: Артур Жирков (60 кг), Ариан Григорьев (65 кг), Айсиэн Мигалкин (70 кг), Константин Жирков (75 кг), Василий Захаров (80 кг), Семен Борисов (90 кг), Семен Степанов (105 кг), Саина Седалищева (75 кг) уонна Валерия Никифорова (85 кг үөһэ).

Былырыын Монголияҕа ыытыллыбыт аан дойду чөмпүйэнээтигэр саха спортсменнара Татьяна Баишева, Артем Зорин, Айсиэн Мигалкин, Василий Захаров, Егор Свинобоев, Айсен Атастыров, Семен Борисов, Дмитрий Попов кыһыл көмүс мэтээллэри ылбыттара. Үрүҥ көмүс призердарынан Светлана Молукова, Саина Седалищева, Артур Жирков буолбуттара. Оттон Марина Федоренко боруонса мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА