Мунньах кыттыылаахтара эрэгийиэннэр ыккардыларыгар тырааныспар ситимин бөҕөргөтүү былаанын уонна дьиҥ балаһыанньаны тэҥнээн көрүүнү, сыыппараҕа түргэнник көһүүнү уонна саҥа бырайыактарга бүддьүөт таһынааҕы үбү тардыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Урал кэннинээҕи суол ситимэ дойду Европатааҕы чааһынааҕар быдан намыһаҕа, оттон Уһук Хоту уонна онно тэҥнэһэр сирдэр өссө да айанныырга уустук туруктаахтара бэлиэтэннэ. Дойду тыраныспарга нацбырайыактара бу балаһыанньаны тосту уларытыахтаахтар. Ол курдук, 2030 сылга диэри Арассыыйаҕа 241 аэропуорт үлэлиэхтээх, нэһилиэнньэ көтөр кыаҕа 1,5 төгүл үрдүөхтээх, суоллар сөптөөх нуормаҕа туруктара 75%-тан 85%-ҥа диэри тиийиэхтээх.
Айсен Николаев дакылаатыгар Саха сиригэр сүрүн кыһалҕа ыраах улуустарга эрэ буолбакка, сылы эргиччи үлэлиир тырааныспар ситимэ суоҕар сытарын тоһоҕолоон эттэ. «Уопсайынан ыллахха, ити табаары тиэрдии сыаната үрдүүрүгэр, хотугу таһаҕаһы тиэйии аҕыйах кэмнээх навигацияттан тутулуктанарыгар, бырамыысыланнаска хааччахтары үөскэтэригэр уонна саамай сүрүнэ — дьон олоҕун хаачыстыбатыгар дьайар. Ол иһин биһиги боростуой тосхолу тутуһабыт: тырааныспар ситимэ аҥаардас суол килэмиэтиринэн эрэ буолбакка, таһаҕаһы тиэрдии бириэмэтинэн, сыанатынан уонна сылы эргиччи суол баарынан сыаналаныахтаах», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Кини баар уонна кэскиллээх тимир суолу, өрүс уонна байҕал инфраструктуратын биир ситимҥэ холбуур «Мохэ – Найба – Магадан» диэн аан дойдутааҕы тыраанспар көрүдүөрүөн бырайыагын билиһиннэрдэ.
Бу суол соҕуруу өттүгэр Кытай кыраныыссатыгар тахсар, хоту — Хотугу байҕал суолун ситимниир, оттон илин өттүгэр Магадан уобалаһын кытта кэскиллээх тимир суол сырыытын хааччыйар. Бырайыак сүрүн суолунан 1 238 килэмиэтир усталаах Амур-Саха сирэ тимир суол магистрала буолуохтаах.
«Бастакы хардыы — Амур өрүһүнэн «Дьэлиҥдэ – Мохэ» кыраныысса нөҥүө көһөр пууну сайыннарыы, Сковородино — Рейново 68 килэмиэтирдээх тимир суол учаастагын саҥардан оҥоруу (онтон 9 килэмиэтирэ номнуо оҥоһулунна), ону тэҥэ билигин Кытай өттүттэн күүскэ баран эрэр наадалаах инфраструктураны тутуу буолар», — диэтэ Айсен Николаев.



