20 Сэтинньи 20.11
  • -32°
  • $ 81,93
  • € 89,86

Килбиэннээх Килимиэн аата Сунтаар улууһун оскуолатыгар иҥэрилиннэ

16:03, 20 ноября
Хаартыска: Саха НКИХ
Читайте нас на

Саха саарынын аатын үрдүктүк тутуохпут, кини саҕалаабытын салгыахпыт, өссө саргылыахпыт диэн ыччат мэктиэ тылын биэрдэ. Онуоха Климент Егорович ыччаттарга кэс тыла үлэлиэххэ, сайдыахха, бэриниилээх буолуохха диэн этилиннэ.

Климент Иванов ытык сааһын бэлиэтиир күннэр ытык дойдутугар өрө көтөҕүллүүлээхтик, киһи сүргэтин көтөҕөрдүү аастылар. Элгээйилэр «Дьылҕа түстэниитэ» диэн кини оҕо сааһыттан саҕалаан олоҕун кэпсиир дьүһүйүү туруордулар. Оҕолор кини сырдык мэтириэтин иэйэ-куойа уруһуйдаатылар, бастаабыт хартыына хаһаайыныгар Климент Егоровичка тиийиэҕэ.

Дойдулаах, дьонноох, дьоллоох киһи ытык сааһа бүтүн Саха сирин үрдүнэн өрөгөйдөннө.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА