2026 сыл сэтинньи 19 күнүттэн «Арктика» суол учаастагар — Зеленай Мыыс пордуттан Чукотскай АУо кыраныысатыгар диэри, Аллараа Халыма улууһугар, кыһыҥҥы суол аһылынна.
Уопсай ыйааһына 30 тоннаҕа диэри тырааныспарга айан көҥүллэннэ — бу улахан уйуктаах, дьоһун суол, диэн сурулунна тырааныспар министиэристибэтин МАХ-ханаалыгар.
Айаҥҥа ирдэбил: массыыналар ыккардыларыгар 70 метртэн итэҕэһэ суох арыттаах сылдьыахтаахтар.
Арктика суолларынан айанныырга сылаастык таҥнан, сылаас маллары уонна инструменнары илдьэ сылдьыҥ, күн-дьыл туругун кэтээн көрүҥ уонна хааччахтары умнумаҥ. Биһиги эһиэхэ көнө суолу, диэн суруллар иһитиннэриигэ.



