20 Сэтинньи 20.11
  • -29°
  • $ 81,93
  • € 89,86

Ирбэт тоҥ үрдүнэн дрон: пилота суох көтөр аппараат Саха сирин тырааныспарын систиэмэтин уларытыан сөп

18:03, 20 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Ыарахан нэһилиэнньэлээх пууннарга таһаҕаһы тиэрдии, суол туругун кэтээн көрүү, муосталары чинчийии уонна аэрологистиканы сайыннарыы — пилота суох көтөр авиация систиэмэтэ (БАС) өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга салаатыгар саҥа кыахтары арыйаллар.

Биирдиилээн тургутар көтүүлэртэн дроннары күннээҕи туһаныыга хайдах көһөрүөххэ сөбүн Саха сиригэр «Цифровой алмаз» V Федеральнай форумҥа экспертэр дьүүллэһиэхтэрэ. Киин тиэмэнэн региоҥҥа пилота суох көтүү инфраструктураны сайыннарыы буолуоҕа: олордор былаһааккалары, дрон портарын уонна мобильнай комплекстары тэрийии, туруктаах сибээһи хааччыйыы, ону тэҥэ Хоту дойду тыйыс килиимэтин усулуобуйатыгар БАС-ны туһаныы.

Дискуссия кыттыылаахтара дьиҥнээх бырайыактарга, тырааныспар салаатын наадыйыыларыгар уонна судаарыстыба, биисинэс уонна пилота суох көтөр систиэмэ оператордарын бииргэ үлэлээһиннэрин механизмнарыгар болҕомтолорун ууруохтара.

«Цифровой алмаас» Россия 70 регионуттан уонна тас дойдулартан 3600-тэн итэҕэһэ суох кыттааччыны түмүөҕэ. Тэрээһин Россия Цифровой Министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллар, тэрийээччи — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА