22 Ыам ыйа 22.05
  • $ 90,41
  • 98,3

Саха сиригэр 42 тыһыынчаттан тахса оҕо биир кэлим босуобуйаны ылла

Фото: Мария Васильева/ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биир кэмнээх босуобуйа туһунан сокуон киириэҕиттэн ити көмөнү 42 229 оҕо уонна 2008 хат дьахтар ылла. РФ социальнай пуондатын Саха сиринээҕи отделениета 1 млрд. 138 мөл. солкуобайы тустаах дьоҥҥо төлөөтө диэн Саха сиринээҕи регион салалтатын киинэ иһитиннэрэр.

Саҥа төлөбүрү хайдах ылар туһунан ыйытыылары, дохуокка уонна баайга-дуолга туох ирдэбил баарын Саха сиринээҕи ЦУР оҥорбут босхо телеграм ботугар суруйан билсиэххэ сөп.

«Бу ыйга сайабылыанньаны Госуслуги нөҥүө биэрдибит, эрдэ аккаас кэлэ сылдьыбыта, эрээри, бу сылга бэйэни тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээн, баҕар атын быһаарыыны ылыахтара диэммит эппиэти эрэнэ күүтэбит», — диэн оҕотун көрөн олорор эдэр ийэ Анна Решетникова кэпсиир.

Санатан эттэххэ, саҥа төлөбүр оҕо сааһыттан эбэтэр уочаратыттан тутулуга суох буолуохтаах. Биир кэлим босуобуйаны ыларга  сайабылыанньа 17- гэр диэри саастаах оҕолорго тута барыларыгар бииргэ  биэрэн кэбиһиэххэ сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА