25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Тохсунньу 1 күнүттэн универсальнай босуобуйаны биэрэн саҕалыахтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Владимир Путин 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн төрүөҕүттэн 17- гэр диэри саастаах оҕолорго соҕотох босуобуйаны үлэҕэ киллэрии туһунан эттэ. Бэрэсэдьиэн универсальнай босуобуйаны ааҕыы уонна төлөөһүн механизмнарын күүһүрдэргэ сорудахтаата.

«Барыта этэҥҥэ үлэлиирин ситиһиэххэ наада. Бу быһаарыы практикаҕа хайдах олоххо киирэрин болҕомтолоохтук кэтээн көрүөхпүт», — диэн Путин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

2023 сылтан дойдуга биир кэлим төлөбүргэ сылга 1,6 трлн солк. ороскуоттаныа. Универсальнай босуобуйа 12 нэдиэлэҕэ диэри учуокка турбут дьахталларга, 1,5 сааһыгар диэри оҕолорго, 3- гэр диэри саастаах бастакы оҕоҕо, үһүс уонна кэнники оҕолорго 3- гэр диэри, уонна  3- тэн 7-гэр диэри уонна 8- тэн 17-гэр диэри саастаах оҕолорго төлөбүрдэри холбуур.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА