22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Пиэрмэр видео-ыйытыытыгар тыа хаһаайыстыбатын экономиһа эппиэттээтэ

Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Из города в село: Фермер» СИА нууччалыы тылынан тахсар медиабырайыагын «Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр» сахалыы тылынан суруллар телеграм-ханаалыгар тыа сирин олохтооҕо, пиэрмэрдэр династияларын бэрэстэбиитэлэ видео-ыйытыы биэрэн, кэпсэтиигэ ыҥырда.

«Биһиги тыа хаһаайыстыбатынан удьуор утумнаан дьарыгырбыппыт ыһыллыы саҕаттан, онон 30 сыл уопуттаахпыт. Онон бу биэрбит боппуруоспун ырытарга 100% бэлэмнээхпин», — диэн эбэн суруйда тыа сирин сайдыытыгар анаммыт ханаал ааҕааччыта.

Манна «Саха Өрөспүүбүлүкэтин агропромышленнай комплексын ресурснай хааччыйыыга киинэ» тэрилтэ экэнэмииһэ Татьяна Никонова комментарий биэрдэ:

— Ньирэй төрүүрүгэр ийэтин көрүүтүн сыллааҕы ороскуотун 10% илдьэ төрүүр, бу бухучуот официальнай методикатынан. Онтон ньирэй көрүллүүтүн, аһылыгын ороскуота сылларынан ааҕыллан, эбиллэн иһэр.

Ньирэй соҕотох төбөтүгэр, дьиҥинэн, себестоимость ааҕыллыбат, ыйааһынын улаатыытыгар эрэ ааҕыллар, «себестоимость прироста живой массы» дэнэр. Холобур умайан турар лаампа ороскуотун биир төбөҕө ааҕыахха наада, оттон уот барыларыгар тэҥинэн тыгар буоллаҕа.

Кэпсэтиигэ ыҥырбыт ханаал ааҕааччыта бэйэтэ үчүгэйдик билэр курдук. Кини этиитин эмиэ истиэ этибит. Салгыы суруйуохпут, СИА.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА