Чульман бөһүөлэгэр Нерюнгри аэропордун тутуута салҕанар. Билигин тутуу бэлэмэ 93 % тэҥнэстэ. Үлэ хаамыытын Росавиация аэропортары дьаһайар үлэтин начальнига Александр Аверкиев бэрэбиэркэлээтэ, диэн «Аэропорты Севера» тэрилтэ пресс- сулууспата иһитиннэрдэ.
Билигин аэропорка уматык-оҕунуох матырыйаал ыскылаатын, аварийнай-быыһыыр станцияны, ыраастыыр тутуулары, пассажир сылдьар эбийиэгин ис отделын уонна вокзал аттынааҕы былассааккалары оҥороллор.