Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Дьокуускайга үгэскэ кубулуйбут балык дьаарбаҥкатын ыытар былааннаах. Барыллаан болдьоҕо — алтынньы бүтүүтэ. Ол туһунан тустаах биэдэмистибэ миниистири солбуйааччыта Прокопий Николаев эттэ, суруйар СИА.
«Балык дьаарбаҥката Дьокуускайга куруук ыытыллар, алтынньы бүтүүтэ. Маны сэргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ уонна саас. Сүрүн сорук — хаһаайыстыбалар уонна балыксыттар балыктарын быһа атыылыыллара буолар, оччотугар сыана тахсыыта бэлиэтэммэт. Дьон сөбүлүүр маннык дьаһалы. Ааспыт сылга пандемиянан дьаарбаҥка ыытыллыбатаҕа. Быйыл ыытар былааннаахпыт. Суудуналар куоракка хайдах тиксэллэриттэн тутулуктаах, быһа барыллаан алтынньы 23 — 24 күннэрэ», — диэтэ Прокопий Николаев.