25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Юрий Трутнев: Бэс-Күөлгэ улахан үлэ ыытыллыбыт

15:38, 18 ноября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев Саха сиригэр үлэтинэн кэлэ сылдьар. Кини Ил Дархан Айсен Николаевы кытта бүгүн Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр сырытта, саҥа тутуллубут дьиэлэр хаачыстыбаларын бэрэбиэркэлээтэ, уонна 2,5 эрэ ый иһигэр элбэх үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ уонна тутууга көмөлөспүт дьоҥҥо махтанна диэн, ЯСИА биллэрэр.

«2,5 эрэ ый иһигэр элбэх үлэ оҥоһуллан, 34 дьиэ үлэҕэ киирбитэ олус үөрдэр. Саҥа дьиэлэр эркиннэрэ эрдэ умайбыт дьиэлэргэ тэҥ. Олохтоохтортон туох даҕаны үҥсүү суох. Саха сирин салалтатыгар, “АЛРОСА” хампаанньаҕа уонна дьиэлэр тутууларыгар көмөлөспүт дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин. Бүгүҥҥү туругунан, эмсэҕэлээбит дьиэлэр бары чөлүгэр түстүлэр диэххэ сөп«, — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээтэ.

Быйыл атырдьах ыйыгар Юрий Трутнев Саха сиригэр кэлэ сылдьан, Горнай улууһун Бэс-Күөлүгэр туох үлэ бара турарын билсибитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар